29.10.2026 | 15:30 | Просмотров: 985

Тохсунньутааҕы биэнсийэ эрдэлиэ, ол эрээри индексацията суох буолуо

Ону тэҥэ тохсунньутааҕы хамнас (абаанса) эмиэ ахсынньыга ыытыллыа. Тоҕо? Салгыы ааҕабыт.
Тохсунньутааҕы биэнсийэ эрдэлиэ, ол эрээри индексацията суох буолуо
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биэнсийэлэрин ый 1–10 күннэригэр тутар дьоҥҥо бу да ахсынньыга, олоҕурбут үгэс быһыытынан, тохсунньутааҕы төлөбүрдэрэ эрдэлээн кэлиэ. Ол туһунан Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэн бэрэссэдээтэлэ Элеонора Кавшар (ЛДПР) иһитиннэрбит.

Саҥа дьыллааҕы каникул быйыл 11 күн уһуннаах буолар. Онон эрдэлээн ыытыы үгэһэ салҕанар.

Иннинээҕи сыллартан уратыта -- тохсунньутааҕы биэнсийэ индексацията суох кэлиэ. Тоҕо диэтэххэ, 2027 сыллааҕы биэнсийэ индексациятын икки түһүмэҕинэн ыытарга быһаарбыттара. Бастакыта, 6,8 бырыһыаннааҕа  – олунньуга, оттон 3,3 бырыһыаннааҕа – муус устарга оҥоһуллуо.

Итинник былаан, сыыппара Биэнсийэ уонна социальнай страховка пуондатын 2027-2029 сыллааҕы бүддьүөтүн барылыгар киирэ сылдьар. Ити боппуруоһу Госдуума бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр, бастакы ааҕыыга көрүөхтээх.  Эрдэ Судаарыстыбаннай мунньах бүддьүөккэ уонна нолуокка кэмитиэтэ бүддьүөт барылын бастакы ааҕыыга ылынарга диэн этиини киллэрбитэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, сокуон олохтоохтук ылыллыан иннинэ кээписийиэннэр быһа барыллаан кээмэйдэрэ ыйыллар. Оннук, быһа холуйан, суоттабылынан, икки түһүмэхтээх индексация кэнниттэн, 2027 сыл бүтүүтэ, страховой биэнсийэ кээмэйэ, ортотунан, – 28 849 солк., оттон кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэ орто кээмэйэ –  29 903 солк. буолуо дииллэр.

Кавшар эппитинэн, тохсунньутааҕы бырааһынньык күннэригэр тэрилтэ баһыйар өттө өрүүр, ол иһигэр Арассыыйа Почтата. Дьэ, ол иһин, чуолаан тохсунньу 1-10 күннэригэр биэнсийэлэриг ылыахтаах дьоҥҥо ахсынньыга түҥэтиллиэ.

Итинник эрдэлээн төлөһүү босуобуйаҕа эрэ буолбакка,  хамнаска эмиэ сыһыаннаах. Ахсынньы 31 күнэ уонна тохсунньу 10 күнэ өрөбүл буолан, Үлэ кодексыгар олоҕуран, тэрилтэлэр ахсынньы 30 күнүгэр диэри хамнаһы ыытыахтарын туһунан таарыйбыт.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.