Тоҥнуу сиэнэр балыгы сөпкө талабыт
1. Хаста да ирэн тоҥмут балык илбиркэй, саһархай, онон-манан хараҥа бээтинэлэрдээх, быһыыта-таһаата уларыйбыт, дьөлүтэ баттаммыт суоллаах буолар. Маннык балык кыһан сииргэ барсыбат, буһаран сииргэ илдьирийэ сылдьар.
2. Ырыынакка хатырыктаммыт балыгы атыылаһар сэрэхтээх. Сайыҥҥы, эргэ балыгы тоҥон баран хатырыктаан атыылыахтарын сөп.
3. Салапааннаах балык амтана уларыйар.
4. Ырыынакка ууга өлбүт балыгы кытта кыһыллар балык диэн атыылыыллара кистэл буолбатах. Быһаарсыбат киһи оннукка дэбигис албыннатыан сөп. Ууга өлбүт балык үксүгэр айаҕын улаханнык аппыт уонна хараҕа иһирдьэ киирэ сылдьар буолар. Өр сыппыт балык эмиэ маныаха майгынныыр уонна этэ-хаана хараарбыт буолар.
5. Таһыгар хааннаах балыгы ууттан таһаараат имиппиттэр диэн өйдөбүл баар. Имитиллибит балык сиһин уҥуоҕар хааннаах буолар, маннык балык сииргэ кырыата суох, ордук минньигэс дииллэр.
6. Сибиэһэй булт балыга лапчааннарыттан эмиэ биллэр, сараччы тоҥмут буолаллар. Айаҕа кыратык аппыт буолуохтаах.
7. Сибиэһэй балык салгын сыттаах буолар.
8. Балык кыратык бөкчөгөр, иһин уонна сиһин диэки сыалаах буолуохтаах. Искэҕэ суох балык ордук эмис буолар. Искэхтээх балык бөскөйбүт иһиттэн биллэр.