Тириини тупсарар судургу ньыма
Туохха барытыгар сыана үрдүүрүн баттаһа, косметика сыаната да уруккутунан хаалбата. Күнүскү, түүҥҥү сирэй, илии кириэмиттэн саҕалаан, аны, көрүҥмүт да элбэҕэ. Дьон сүрүннээн, сирэйин сырдатар, мыччыстаҕаһын, кытарымтыйарын кыччатар мучумааныгар бу эгэлгэттэн элбэҕи атыылаһар.
Ону баара, эбэ-эһэ дьоммут эдэр кэмнэриттэн туттан кэлбит, норуодунай сириэстибэлэрин туһата-көдьүүһэ кэм-кэрдии ааста диэн, ааһан хаалбат. Холобур, бу мантан аллара бэриллэр ырысыабы туһанан, мырчыстаҕаһы соччо биллибэт оҥоруохха, сирэйи туналытыахха сөп.
Онуоха туох нааданый? Хас биирдии ыалга кэриэтэ асцетилициловай кислота, судургутук эттэххэ, “Аспирин” , баара эрэбил. Дьэ, оннук 4 табылыакканы ылан, ыбылы илдьиритэн, бороһуок оҥороҕут. Онно биир остолобуой ньуоска йогурту уонна биир чайнай ньуоска мүөтү эбэн, биир күдьүс маасса гынан булкуйаҕыт. Ол ону ылан сирэйгитин үчүгэйдик ыраастаан баран, сирэйгит тириигитигэр биһэн, 20-30 мүнүүтэ олороҕут. Маннык ырысыабы, биллэн турар, күн аайы оҥостон, соттуллубат. Ыйга биирдэ, элбээбитэ, иккитэ соттуллар. Чаас аҥаара буолан баран, сылаас уунан сайҕанан кэбиһэҕит. Ити маасса састаабыгар киирбит ингредиеннэртэн хайатыгар да аллергиялаабат буоллаххытына туттаргытын быһаарар наадата суох ини? Боруобалаан көрүҥ.