29.10.2026 | 14:30 | Просмотров: 89

Тимир көлөнү атыылаһарга бэриллэр уһун кэмнээх кирэдьиити биэрии хааччахтаныа

Дойду Киин баана ити көрүҥ кирэдьииккэ 2027 сыл бастакы кыбартаалыттан саҕалаан макропруденциальнай лимиити олохтуурун иһитиннэрбит.
Тимир көлөнү атыылаһарга бэриллэр уһун кэмнээх кирэдьиити биэрии хааччахтаныа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол туһунан регулятор официальнай саайтыгар таҕыста.

Макропруденциальнай лимиит (МПЛ) диэн – Киин баан дьоҕус кирэдьиит тэрилтэлэрэ уонна бааннар биэрэр иэстэрин ортотугар сэрэхтээх (кэмигэр төлөнүллэрэ саарбахтанар) кирэдьиит, сайыам өлүүскэтин  кыччатар курдук, үп ырыынагын бэрээдэктииргэ туһанар инструмена (ньымата) ааттанар.

Итинник лимиит (хааччахтаах кээмэй) автокирэдьиити ыларга эрэ буолбакка, ону тэҥэ  тимир көлөнү бааҥҥа солуок биэрэн туран ылар тус сыала суох потребительскай кирэдьииккэ кытта дьайыа.

Киин баар чахчытынан, уһун кэм төлөһүллэр, ол эбэтэр, 7 сылтан уһун кэмҥэ төлөһөргө дуогабардаһан ылыллар иэс 2022 сыллаахха уопсай бэриллэр иэс 8 бырыһыаныгар тэҥнэһэрэ. Оттон ити көрдөрүү бу дьыл иккис кыбартаалыгар хайыы үйэ 26 бырыһыан буолбут.

Онон Арассыыйа баана эһиилгиттэн 8 сылтан уһун кэмҥэ төлөһөр автокирэдьиити биэрбэтин тэҥэ буолар. Ол эбэтэр 0 лимиити (баан уопсай биэрэр кирэдьиитин 6%)  олохтообут. Оттон массыына солуоктаах 5 сылтан уһун кэмҥэ төлөнөр гына дуогабардаах потребительскай кирэдьиити эмиэ олох аҕыйаҕы биэриэ. Итинник иэс уопсай баан биэрэр кирэдьиитин 1 эрэ бырыһыаныгар эрэ тэҥнэһиэн сөп гына суоттаабыттар.

Тоҕо итинник быһаарыы ылыллыбытын быһаардахха, маннык. Дьон дохуота дуона суох, тимир көлө сыаната баһырхай буолан, баантан иэс ыларыгар, ыйдааҕы төлөбүрэ удамыр буоларын туһугар, уһуннук тардан төлөһөөрү муҥутуур уһун болдьоххо ылар. Итини баан иэс ноҕоруускатын ускуустубаннайдык түһэрии быһыытынан көрөр. Дьон иэстэрин төлөһүүгэ уустугуралларын бэлиэтиир.

Онон  баантан уһун болдьоххо иэс ылан, массыына ылар баҕа баар түгэнигэр кэлэр сылы күүппэтэх ордук быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, эһиилгиттэн уһун болдьоххо кирэдьиити биэрии хааччахтаах буолар эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп