Тас биричиинэлэртэн өлүүнү аҕыйатар нэдиэлэ саҕаланна
Нэдиэлэ сыала — бу кыһалҕаҕа дьон болҕомтотун тардыы, нэһилиэнньэ куттал суох буолуутун миэрэлэрин туһунан билиитин үрдэтии уонна олоҕу, доруобуйаны харыстааһыҥҥа эппиэтинэстээх сыһыаны иитии.
«Күн аайы аан дойду үрдүнэн тыһыынчанан киһи сэрэҕэ суохтан тахсар түбэлтэлэртэн: суолга саахалтан, охтууттан, ууга түһүүттэн, сүһүрүүттэн, уокка сиэтииттэн уонна да атын эчэйиилэртэн өлөр. Саха сиригэр бу кыһалҕа эмиэ сытыытык турар. Сайыҥҥы кэмҥэ, суолга уонна ууга быһылаан тахсара, ону тэҥэ дьиэҕэ-уокка эчэйии элбиир кэмигэр, ордук сэрэхтээх буолуу ирдэнэр», - диэн иһитиннэрэр СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ.
Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ санатар: суол быраабылатын тутуһуҥ, оҕолору уу аттыгар көрүүтэ-истиитэ суох хаалларымаҥ, баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһуҥ, тырааныспары салайарга уонна айылҕаҕа сынньанарга итирдэр утаҕы иһимэҥ, ону тэҥэ бастакы көмөнү оҥоруу быраабылатын умнумаҥ.