20.10.2026 | 11:34 | Просмотров: 75

Тапталлаах куораппытын федеральнай күрэххэ өйүөҕүҥ!

Дьокуускай Росмолодёжь тэрийэр «Молодёжная столица России-2027» диэн дойду үрдүнэн биллэриллибит күрэххэ кыттар.
Тапталлаах куораппытын федеральнай күрэххэ өйүөҕүҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин Куорат архыыбыттан
Бөлөххө киир

Тапталлаах куораппыт бу күрэххэ кыайыыны ситистэҕинэ, федеральнай таһымҥа биллэр-көстөр кыаҕа үрдүөҕэ, ыччат бырайыактарыгар болҕомтону тардыаҕа уонна атын эрэгийиэннэри кытта бииргэ үлэлэһиини кэҥэтиэҕэ. Бу аат Дьокуускайга саҥа саҕахтары арыйыаҕа.

Киин куорат олохтоохторун социальнай ситимнэргэ тапталлаах куораппытын өйүүргэ ыҥыраллар:

- «ВКонтакте» ситимҥэ постары таһаараҕыт уонна Дьокуускай тоҕо ыччат киин куората буолуохтааҕын кэпсиигит. Манна сөбүлээн сылдьар сирдэргитин, ыччат ситиһиилэрин, ону сэргэ интэриэһинэй бырайыактаргытын уонна куорат инники кэскилин туһунан идиэйэлэргитин үллэстэххитин сөп.

- Постаргытыгар #МолодежнаяСтолица2027 уонна  #Якутск диэн хештегтэри туһанаҕыт.

Ситиһиилэри!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.