Табыллыбатах модель эбэтэр күрэстэһээччилэр баһааҕырдыылара?
Эдэриттэн-эмэниттэн, социальнай статуһуттан тутулуга суох, аныгы кэм мобильнай сибээһинэн туһанааччытын биир бастыҥ баҕата, кимиэхэ эрэ, бэл, ырата буолбут Айфон төлөпүөн сыллата тупсан, саҥардыллан, атыылааччыга тахсар.
Бэл, олохтоох сыһыарыылары “кый ыраах быраҕаттаан”, туһанар кыаҕы суох оҥорбутун да иһин, бу бэйэлээх төлөпүөнү ылынар баҕаны аччаппат чинчилээх. Ити Айфон маҕаһыыныттан туоратыллыбыт сыһыарыылар истэригэр бааннар сыһыарыылара, төлөпүөнү таҕайан, төлөһөр кыаҕы биэрэр хаппар, ВКонтакте соцситим, ити ситим муусуката, биидьийэтэ-тойо уо.д.а. бааллар. Ол эрээри быыс-хайаҕас булан, ити сыһыарыылары бүгүҥҥү күннээххэ туттар кыах баар. Siri арай нууччалыы тылы билиммэт, туораппыт.
Хата, үчүгэйэ, Apple саҥардыллыбыт iOS 27 хачайданыаҕыттан саха тылын кытта тува тылын билинэр буолла. Ол эбэтэр, Ө, Ҥ уонна Ү буукубалары туһанарга туора сыһыарыыны туһанар кыһалҕа тохтоон клавиатураҕа баар буоллулар. Ити иннинэ Apple операционнай тиһиктэригэр чуваш уонна ингуш тылларын киллэрбитэ. Бу сонун үөрдүбэт буолар туһа суох.
Биллэн турар, Айфон хаартыскаҕа, биидьийэҕэ устар хаачыстыбата таһыччытын, араас аныгы технологиялары ботуччу туһанар кыаҕы биэрэрин ордугун ким да мэлдьэспэт. Урукку өттүгэр, өйө (памята) кыра уонна көмпүүтэргэ, флешкэҕэ киллэрэргэ анал сыһыарыыны нөҥүөлээн киирэр саҕана, туһунан мучумаан этэ. Билигин өйө эбиллэн, террабайтынан (муҥутуур өйдөөҕө билигин 2 ТБ) буолла, хачайдыыр, уурунар да судургутуйда.
Дьиҥинэн, манна диэн эттэххэ, маркетиҥҥа күүскэ үлэлэһиитэ дьон сыанатын кэрэйбэккэ атыылаһар алыптаах тэрилигэр кубулуйарыгар биллэ көмөлөһөр. Атыыны көҕүлээн, тас өттүн араас дьүһүннээн, кыра да опцияны эбэ түһээт, саҥаттан саҥа көрүҥ тахсар. Ол аайы куоталаһа-куоталаһа ылыы элбиир. Саха сиригэр эмиэ Айфон фанаттара аҕыйаҕа суохтар.
Дьэ, оттон “бургунди” оннугар аны iPhone Duo (киниискэ курдук, арыллар) диэн тахсан, сорохтор утуйар да ууларын умнубут сурахтаахтар. Санатан эттэххэ, Айфон 18 Про уонна Про макс атыыга балаҕан ыйын 18 күнүгэр тахсыбыта. Бургунди диэн -- төлөпүөн тас хаҕын өҥүнэн ааттаммыта. Атын, бу иннинэ баар дьүһүннээхтэр эмиэ, биллэр турар, бааллар. Оттон киниискэ курдук аһыллар ("хомуллар") iPhone Duo букатын да аҕыйах хонуктааҕыта, алтынньыга тахсыбыта.
Ол эрээри бу төлөпүөнү ылыах иннинэ куйаар ситимин үчүгэйдик хаһан, отзывтары ааҕан, тугун-ханныгын быһаарсан баран ыларга сананар ордук. Бэлиэр ылан туһаммыт дьон бүк тутуллар сиринэн тыас иһиллэрин, хайдыах курдугун үллэстибиттэрэ баар. Сорохторго аҕыйах туһаныы кэнниттэн сурааһын үөскүүрүн бэлиэтээбиттэр. Ким илэ, туттан көрөн билбитэ баарай?
Арай “Финансовая опора” телеграм-ханаал суруйарынан, итинник итэҕэс баарын Apple билиммит. AppleCare нөҥүө уларытары мэктиэлээбит. Ол эрээри биһиги дойдубут туһанааччылара ону туһанар кыахтара суох ҮҺҮ.
Сыанатын ундаардаатахха...
iPhone Duo сыаната дойду аайы араастаһар. Арассыыйаҕа 256 гб өйдөөх сыаната 232-300 тыһ. солк. иһинэн халбаҥныыр. Оттон 2 ТБ өйдөөҕү 490 тыһ. солк. саҕалаан, 500 тыһ. солк. атыылыыллара суруллар.
Бары-барыта удамыр сыаналааҕынан билиниллэр Кытайга, биһиги сыанабытынан 204 – 238 тыһ. солк. дииллэр. Оттон 2 ТБ өйдөөҕө – 320–350 тыһ. солк. “Кытайга оҥоһуллар көрүҥ электроннай симканан эрэ үлэлиир, сорох опциялара уратылаһар” диэбиттэр.
Оттон Вьетнамҥа базовай моделларын сыаната нолуогу (Tax Free) көҕүрэппит кэннэ Азия эрэгийиэннэриттэн улахан атына суох үһү. Кинилэр дуонгаларынан, ритейлиттэн тутулуктанан, быһа холуйан, 54 680 576. Ити сууманы биһиги харчыбытыгар таһаарарга 3 кэнники 0 ылан баран, 4-кэ төгүллүүгүн. Оччотугар, быһа холуйан, 218 тыһ. солкуобай буолар. 2 ТБ-лааҕа өссө сыаналаах.
Уопсайынан “хомуллар, сабыллар” смартфон туһунан
“Хомуллар” смартфон баар буолбута, дьиҥинэн, ыраатта. Аан бастакы хараҥаччылар 2000 сыллартан тахсан барбыттара. Онно Samsung уонна Huawei фирмалар бастакы биэрсийэлэрин 2019 сыллаахха Барселонаҕа буолбут Мобильнай конгресска сүрэхтээн тураллар.
Коммерсант суруйбутунан, Apple саҥа iPhone Duo моделын сүрэхтиэн баара эрэ икки күн иннинэ Huawei фирма иккис көлүөнэ Mate XT 2 смартфонун киэҥ билиигэ таһаарбыт. Ити модель “хомуллар” төлөпүөннэр ортолоругар муҥутуур улахан кээмэйдээх экраннааҕынан аатырар. Үс төгүл “хомуллар”. Xiaomi хампаанньа даҕаны күрэстэһээччилэрин ситиһиитин көрбүтүнэн олорон хаалбатах: муҥутуур чараас куорпустаах смарфтона сымнаҕас 18 Fold, экраннаах гына оҥорон таһаарбыт.
Таһаарыы rozetked.me кылаабынай эрэдээктэрэ Данил Гаращенко көрүүтүгэр тирэҕирэн, маннык куоталаһыы хабааннаах сүпсүлгэн мээнэҕэ буолбатаҕын көрдөрөр бу курдук суруйуулаах эбит: “Кытай бреннэрэ iPhone Duo куоппуйатын көрдөрдүлэр. Итинник төлөпүөн тахсарын туһунан иһитиннэрии быыһылаабытын туһанан, кинилэр эмиэ “хомуллар” смартфоннары таһааран саҕалаабыттар: бастаан утаа – Huawei, ол кэнниттэн – Samsung, оттон билигин – Xiaomi”. Ол балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи суруйууга Айфон 18 Про уонна Про Макс тахсыахтааҕа эмиэ таарыллар.
Түмүк оннугар
Биллэн турар, ханнык баҕарар фирма саҥа, “буруолаабытынан сылдьар” саҥа төлөпүөнэ бастаан атыыга тахсыытыгар сыаната баһырхай буолар. Бэрт сотору түһэр. Бу да модельга оннук буолуоҕа. Табаар да туһунан сыанабыл араас буолар. Ким тугу сөбүлүүрэ араастаһар.
Оттон муоданы батыһан, иэс киирэ-киирэ ылар наада дуу, суох дуу -- хас биирдии атыылаһааччы бэйэтин көҥүлэ, бырааба. Ол да буоллар, итиччэ сыаналааҕы атыылаһыах иннинэ билэн-көрөн, быһаарсан баран ылбыт ордук.