23.11.2025 | 09:00 | Просмотров: 167

Табыгастаах өҥөнү туһан!

Саха сирин олохтоохторо «Роскадастр» ППК Саха сиринээҕи салаатын исписэлииһин үлэлиир сирдэригэр, бэл, дьиэлэригэр тиийэ ыҥыран, туһааннаах тэрилтэ өҥөтүнэн туһаныахпытын сөп эбит.
Табыгастаах өҥөнү туһан!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, «Роскадастр» бу дьыл баара эрэ 10 ыйыгар хайыы үйэ 500-тэн тахса ыҥырыыга тиийэн, 600-тэн тахса докумуону оҥорбутун иһитиннэрдэ.

Ханнык түгэҥҥэ «Роскадастр» үлэһитин ыҥырыахха сөбүй?

– Кадастр учуотугар турарга уонна быраабы регистрациялатарга ирдэнэр докумуоннары туттарарга;

– ЕГРН сибидиэнньэтин көрдөтөн ыларга;

– Ыларга бэлэм буолбут докумуону аҕалтарарга;

– «Мои документы» элбэх хайысхалаах киинтэн (МФЦ-тан) ирдэниллибэтэх (невостребованные) докумуоннары аҕалтарыахха эмиэ сөп.

Маннык өҥө үтүө өрүттэрэ:

– Туһааннаах тэрилтэ офиһыгар тиийэ, уочараттыы сатаабаккын;

– Докумуон оҥоһуллар кэмэ кылгыыр, табыгастаах да буолар;

– Куттал суох буолуутун таһыма (безопасность) үрдүүр.

Кимнээххэ маннык өҥө босхо оҥоһулларый?

«Хамсаабат хапытаалы судаарыстыбаннай регистрациялатыы туһунан» 218 №-дээх Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, Росреестр өҥөтө Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр, I уонна II группалаах инбэлииттэргэ босхо оҥоһуллар.

Онтон атыттарга төлөбүрэ төһө буоларый?

Уоннааҕы нэһилиэнньэҕэ, биллэн турар, өҥө – төлөбүрдээх. Ол курдук:

– Дьиэҕэ ыҥыран, кадастр учуотугар туруортарарга уонна быраабы регистрациялатарга сайабылыанньаны суруйан туттарыы – 2000 солк.

– Бэлэм буолбут докумуоннары курьерынан аҕалтарыы – 1800 солк.

– ЕГРН сибидиэнньэтин көрдөтөн ылыы – 1800 солк.

– ЕГРН сибидиэнньэтин курьерынан аҕалтарыы – 1000 солк.

– «Мои документы» МФЦ-тан ирдэниллибэтэх (невостребованных) докумуоннары курьерынан аҕалтарыы – 1000 солк.

 

Маннык өҥөнү хайдах туһанабыт?

Бу маннык, «Росреестр» исписэлииһин ыҥырарга хас да ньыматтан бэйэҕэ табыгастааҕы талан туһаныахха сөп. Ол ханныктарый?

– https://svo.kadastr.ru официальнай саайтка киирэн, «выездное обслуживание» нөҥүө;

– Туһааннаах биэдэмистибэ маннык төлөпүөнүгэр эрийэн: 8 (800) 100-34-34 (кэпсэтии иһин төлөбүр ылыллыбат);

– Өссө маннык төлөпүөнүнэн:

8 (4112) 40-80-10, доб. 2020;

– priem@14.kadastr.ru электроннай почтаҕа суруйан;

– «Роскадастр» ППК Саха сиринээҕи салаата үлэлиир офиһыгар сирэй тиийэн.

Бу өҥө туһунан сиһилии билсэргэ:

– Дьиэҕэ, үлэҕэ ыҥыран оҥоһуллуон сөптөөх өҥө толору кэрискэтин «Роскадастр» ППК официальнай kadastr.ru саайтыгар баар «Сервисы и услуги» баһыгар көрөргүтүгэр сүбэлиибит.

Интэриниэттэн ыраах, быһаарсыбат дьон судургутук 8(4112) 40-80-10 эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп. Санатан эттэххэ, «Росреестр» ППК үлэлиир аадырыһа: Дьокуускай к., Кулаковскай уул., 28, 4-с этээс.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.