Табахха уонна никотиннаах бородууксуйаҕа сыһыаннаах быраабыла кытаатар
Ол курдук, алтынньы 1 күнүттэн саҕалаан, табах уонна никотиннаах бородууксуйа, ону тэҥэ табаҕы оҥорон таһаарарга туттуллар сырье биирдиилээн уонна кууһунан атыыта эмиэ хайаанда лиссиэнсийэлээх буолара ирдэниэ. Оннук лиссиэнсийэни биэс сыл дьайар болдьохтообуттар.
Табах бородууксуйатын ханна атыыланара бобуллар сирдэрин чопчулууллар. Оннук сирдэринэн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн ураты үөрэх тэрилтэлэрэ түстэммит территориялара буолаллар.
Быһата, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор үөрэнэр, дьарыктанар уһуйааннарын, оскуолаларын таһыгар итинник бородууксуйанан эргинэр атыы тэрилтэтэ туруо суохтаах диэн буолбут.
Ону тэҥэ эбии бобуулар киирбиттэр. Холобур, табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны уонна сырьену дьон олорор дьиэтигэр атыылыыр бобуллар.