18.03.2025 | 10:00 | Просмотров: 326

Таайбыт, абаҕабыт сырдык кэриэһигэр

Таайбыт, абаҕабыт сырдык кэриэһигэр
Ааптар: Елена Гаврильевна КОПЫРИНА, Уус Алдан улууһа, Бороҕон олохтооҕо
Бөлөххө киир

Кыайыы 80 сылынан

 

Семен Гаврильевич Никифоров мин ийэм Никифорова Харитина Гаврильевна бииргэ төрөөбүт убайа. Гаврил Петрович, Елена Михайловна диэн аҕалаах, ийэлээх этилэр.

Кинилэр Уус Алдан улууһун бастакы Лөгөй нэһилиэгин Хоҥор диэн алааһыгар олохсуйан, дьиэ-уот туттан, сүөһү ииттинэн, буруо таһааран олорбуттар. Уон биирдэ оҕоломмуттарыттан оччотооҕу аас-туор олох, аччык аҥаардаах сылдьыы, таҥас-сап кырыымчык кэмигэр дьоммут барахсаттар үс оҕону эрэ тутан хаалбыттар. Онтон аҕалара ыалдьан олохтон туоруур. Онон бэйэлэрэ хаалан  от оттооһун, кыһынын оҕуһунан от тиэйии, оттук мас булунуу,  тиэйии, муус ылыы курдук ыарахан үлэлэр Сэмэҥҥэ сүктэриллибиттэр. Ол да буоллар син бөрөһөн, улахан оҕолорун көмөлөрүнэн ыал буолан олорбуттар.

Сорох сыл дьукаахтанан, олору көмөлөһүннэрэн ийэтэ уолун Сэмэни үөрэттэрбит. Онон Сэмэн Чараҥайынан, Томторунан үөрэнэн сэттэ кылааһы бүтэрбит. Онтон ийэтэ ыалдьан салгыы үөрэммэтэх. Үөрэхтээх киһи буолан ийэтин куоракка киллэрэн эмтэтэр. Дьиэтин-уотун, сүөһүтүн-аһын бэйэтэ балтыныын көрөн олорбуттар. “Оҕом эмтэтэн үчүгэй буоллум”, - диэн ийэтэ өрүү уолугар Сэмэҥҥэ махтанар эбит.

Оччотооҕу оҕолор сиэрдэринэн Сэмэн эмиэ куска тиргэлээн, кыһынын куобахха туһахтаан син бултуур эбит. Ийэм кэпсииринэн, тиргэни балай эмэни оҥороллор быһыылаах: “Тиргэҕэ иҥнибит куһу хаалдьыгын эрийэн баран ыыппытым, ханньары төбөлөөх сүүрэр этэ, ону убайым кэлэн эрийэрэ”, - диирэ. Оччолорго кинилэр кыра соҕус саастаахтар быһыылаах.

Онтон сэбиэт былааһа кэлэр. Маҥнайгы холкуостааһын, сири үллэрии, улахан дьону үөрэтии, дьиэни хотонтон араарыы үлэлэргэ Сэмэн актыыбынайдык кыттар. Хомсомуол кэккэтигэр киирэн үлэ үөһүгэр сылдьар.

Холкуоска кини көҕүлээһининэн маҥнайгынан сүөһүлэрин холбоон киирэллэр. Онон кинилэр маҥнайгы холкуостаахтар этилэр.

Итинник үлэлии сырыттаҕына кинини бастакы Лөгөй нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ оҥороллор. Сэбиэттии олорон 1942 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр барар. Таайбыт сылдьыбыт чааһын дьыалатын архыыбыттан көрдөххө, үс ньиэмэстэн иккитин өлөрөн, биирин билиэн ылан “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыт эбит.

Семен Гаврильевич 1943 сыллаахха сэтинньи 22 күнүгэр Дубровка госпиталыгар сытан ыарахан бааһырыыттан олохтон туораабыта. Белоруссияҕа, Витебскай уобалас Лиозненскай оройуонун Дубровка дэриэбинэтигэр көмүллүбүт.

Сиэн быраата Ньукулай биир уолугар кини аатын биэрбитэ. Онон аатын ааттатар, утумун салгыыр дьоннордоохпут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

"БИЗОННАР АҔАЛАРА" эбэтэр "БИЗОН СЭМЭН"
Дьон | 09.09.2026 | 11:00
"БИЗОННАР АҔАЛАРА" эбэтэр "БИЗОН СЭМЭН"
Быйыл “Уус Буотама” ойуур бизоннарын питомнига 20 сылын туолар. Ол сыллар устата питомнигы иилээн-саҕалаан үлэлэппит киһинэн Семен Семенович Егоров буолар.
ОҔО ИДЭТИН СӨПКӨ ТАЛАРЫН ТУҺУГАР. Профориентолог – Арассыыйаҕа сэдэх идэ
Дьон | 11.09.2026 | 08:30
ОҔО ИДЭТИН СӨПКӨ ТАЛАРЫН ТУҺУГАР. Профориентолог – Арассыыйаҕа сэдэх идэ
Урут оҕо идэтин талара судургу этэ. Этэргэ дылы, быраас эбэтэр учуутал буолуон баҕарара... Билиҥҥи үйэҕэ идэ арааһа олус элбэх.
Дмитрий Михайлов: «Дьокуускай куоракка «Бермудский треугольник» курдук баар...»
Дьон | 10.09.2026 | 08:30
Дмитрий Михайлов: «Дьокуускай куоракка «Бермудский треугольник» курдук баар...»
«Киин куорат» бүгүҥҥү ыалдьыта – Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрин, куорат абааһылаах сирдэрин ааҕа билэр, мунньар, түмэр суруналыыс, суруйааччы, блогер, гид Дмитрий Михайлов.
Нэдиэлэтээҕи гороскоп
Сонуннар | 14.09.2026 | 09:00
Нэдиэлэтээҕи гороскоп
Балаҕан ыйын 14-20 күннэрэ