08.10.2025 | 11:29 | Просмотров: 180

Таалай күөлгэ сиэргэ баппат быһыы!

Таалай күөлгэ сиэргэ баппат быһыы!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга вандаллар уопсастыбаннай туоналары урусхаллыыллара тохтообот. Ааспыт нэдиэлэҕэ Таалай күөлгэ турбут ыскаамыйаны кимнээҕэ биллибэт дьон туура тардан ылан ууга бырахпыттар.

«Пааркалар уонна уопсастыбаннай туоналар дириэксийэтэ» муниципальнай автономнай тэрилтэ үлэһиттэрэ ыскаамыйаны ууттан таһааран, өрөмүөннээн, миэстэтигэр туруордулар. Полицияҕа сайабылыанньа суруллубут. 

Куорат баһылыга Евгений Григорьев социальнай ситимҥэ: «Ытыктабыллаах куорат олохтоохторо, өскөтүн эһиги бу быһылааны түбэһэн көрбүт буоллаххытына, ВКонтакте мин страницабар суруйаргытыгар көрдөһөбүн. Вандализм уопсастыбаннай үпкэ-малга улахан хоромньуну таһаарар. Үксүн уулусса банаардара, ыскаамыйалар уонна оптуобус тохтобуллара эмсэҕэлииллэр. Алдьаммыт малы өрөмүөннүүргэ уонна уларытарга куорат бүддьүөтүттэн үп-харчы барар. Маннык түбэлтэлэри бииргэ тохтотуохха!» – диэн ыҥырыы таһаарда.

 

Хаартыска: Евгений Григорьев телеграм-ханаалыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.