Таҥха оонньуулара
Түөрэх быраҕыы
Тугу эмит ыйытан баран, ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕаран, умса эбэтэр олоро түһэллэринэн билгэлииллэрэ. Холобур, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Булпар баартаах буоллахпына, түөрэҕим олоро түс, тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына – түҥнэри түс”, – дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ, табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата “Былаҕай” диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр өттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон “Туску!” диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал “түөрэх” диэн ааттанар.
Суол таһыгар талаҕы туруоруу
Ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан хаарга туруору анньыллар. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолар. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турар.
Этэрбэс хаамтарыы
Киирэр ааны утары ортоку оронтон этэрбэһи ааҥҥа диэри хаамтараллар. Ол аата тилэх уһаты кээмэйинэн эргитэн, тилэҕин эбэтэр тумсун солбуһуннары уурталаан, көнөтүк аан боруогар диэри тиийэллэр. Этэрбэс боруокка тумсунан тиийдэҕинэ, кэтэр киһитэ сотору кэминэн ыалдьыан эбэтэр кыһалҕаланыан сөп. Оттон тилэҕинэн тигистэҕинэ – өлүөр хаалар.
Кумааҕы уматан күлүк көрүү
Киэһэ хараҥаҕа чүмэчи уматан баран бүлүүһэҕэ эбэтэр тимир бодунуоска ыраас лиис кумааҕыны ылан кумалаан баран уураллар. Ол кэннэ баҕа санааларын санаан, тугу эмит ыйытан баран уматаллар. Чүмэчини сыҕарыта сылдьан истиэнэҕэ кумааҕы күлүгүн көрөн, инникини сабаҕалыыллар. Манна сэрэбиэйдэнэр киһи бэйэтин фантазията, үчүгэйи түстүү сатыырын оҥорон көрөр.
Кинигэнэн сэрэбиэй
Оннооҕор кинигэ барахсан оруннаах эппиэттэри биэрэрэ үһү. Ол курдук ханнык баҕарар сахалыы халыҥ кинигэни ылаллар. Ордук “Төлкө”, “Сааскы кэм”, атын да саха суруйааччыларын айымньылара барсаллар. Мунаахсыйар ыйытыыларын биэрэллэр эбэтэр истэригэр баҕа санааларын этиэхтэрин сөп. Онуоха страницатын, үөһэттэн хаһыс эрэ строка дииллэр уонна арыйан ааҕаллар. Онуоха сороҕор олус сөптөөх эппиэттэр түбэһэллэр. Бу аныгы сэрэбиэйдэри ордук ыччат, устудьуон оҕолор таайаллар.
Кумааҕынан, чүмэчинэн сэрэбиэй
Хас да киһи буолан оонньууллар. Нэлэгэр миискэҕэ, иһиккэ уу куталлар. Миискэ иитигэр эрдэттэн бэлэм баҕа санаалардаах кумааҕылары иилиллэр. Холобур: үп-харчы, ситиһии, саҥа дьиэ, айан, ыал буолуу, оҕолонуу, о.д.а. Оонньуур киһи ууну тарбаҕынан эргитэр уонна миискэ ортотугар маҕаһыыҥҥа атыыланар хаптаҕай чүмэчини уурар. Чүмэчи ханна кэлэн кумааҕыны сиэн барда да, тута ыла охсон умуллараллар уонна ааҕаллар. Умайбыт кумааҕы оннугар атыны ууран биэрэн иһэллэр.