15.05.2026 | 14:26 | Просмотров: 162

Таҥара сэрэҕи таптыыр эбэтэр Халааҥҥа бэлэмнэн!

Дьиэ сүөһүтүн быстах кэмҥэ туруоран эрэргэ сөптөөх (ПВС) пууннары билис.
Таҥара сэрэҕи таптыыр эбэтэр Халааҥҥа  бэлэмнэн!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин куорат
Бөлөххө киир

Өлүөнэ эбэбит мууһа килбэйэр киин куораппыт, кытыы бөһөүлэктэрбит туһаайыыларынан  хамсыыра субу чугаһаата. Быһа барыллаан ыам ыйын 18 күнүгэр диэн этэ да, күн сарсын да устан, халааннаан бардаҕына көҥүл. Инньэ гынан, сэрэххэ, сылгыны-сүөһүнү уу ылбат үрдүк сирдэргэ куоттарбыт ордук.

Онон Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата тэрилтэлэр салайааччыларын, бааһынай хаһаайыстыбалаахтары уонна кэтэх хаһаайыстыбалаахтары сүөһүнү-сылгыны үрдүк сирдэргэ көһөрөргө ыҥырар.

Уокурук дьаһалтатын 2023 сыл олунньу 26 күнүнээҕи 316 №-дээх дьаһалыгар олоҕуран, дьиэ сүөһүтүн быстах кэмҥэ туруорар пууннары (ПВС) быһаарар турар. Билсиҥ:

- Тулагы Киллэм нэһилиэгэр ынах сүөһүнү — «Радиоцентр» пууҥҥа, сылгылары ол аттынааҕы үрдэл сиргэ туруорарга быһаарбыт.

- Капитоновкаҕа: ынах сүөһүнү Киллэм утары үрдүк сиргэ уонна Кангалаас түөлбэ аттынааҕы үрдэлгэ,  сыспай сиэллээхтэри – Кангалаас хайатыгар.

- Хатастар: сүөһүнү – «Ат дала» пууҥҥа (Набережнай уул., 27/1).

*Сүөһү, сылгы сиир отун, атын да аһын халаан уута ылбат сиригэр уураргытын санаталлар.

Халаан уута тустаах кэмигэр эрэ дьаһанар кыаҕы биэрбэккэ, балысханнык тоҕо анньан киирэрин бэркэ диэн билэҕит. Үгүс сыранан ситиспит сүөһү-сылгы баайгытын харыстааҥ, куоттара иликтэр, туттумахтаһыҥ.

Өйдөммөт баар буоллаҕына, бөһүөлэк дьаһалтатын исписэлиистэриттэн ыйыталаһыаххытын, сүбэлэтиэххитин наада. Этэҥҥэ буолуоҕуҥ!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.