Төрдүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо Ийэ хапытаала төлөнөр буолуоҕа

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн төрдүс уонна онтон кэлэр оҕоломмут ыаллар бары “Дьиэ кэргэн” өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалы ылыахтара, диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев тохсунньу 21 күнүгэр «Россия 24» ханаал быһа эпииригэр.
Айсен Николаев эппитинэн, сокуон бырайыагын Ил Түмэн көрө илик да буоллар, төрдүс уонна онтон элбэх оҕоломмут ыаллар бары Ийэ хапытаалын ылар бырааптаахтар.
«Сокуон барылын Ил Түмэн чугастааҕы сессиятыгар ылыныаҕа диэн эрэнэбин. Мин тохсунньу 1 күнүнэн илии баттыаҕым. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн элбэх. Кинилэри туох кыалларынан, ол иһигэр үбүнэн өйүөххэ наада”, — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бу иннинэ Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр түөрт уонна онтон элбэх оҕолонорго быһаарыммыт дьиэ кэргэттэргэ сыһыаннаан сиэрдээх бэрээдэги олохтуур кэм кэлбитин тоһоҕолообута. Онон өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар кылгас кэм иһигэр тустаах сокуон барылын оҥорорго сорудахтаабыта.
“Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаалы учуоттаан, 2025 сылга түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 433 тыһыынча буолуоҕа, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


