12.10.2026 | 16:30 | Просмотров: 117

Төрөппүттэр остолобуой үлэтин быһа эпииргэ көрө олорор кыахтаннылар

Киин куорат 40-с №-дээх оскуолатыгар «Аһаҕас куукуна» бырайыак үлэлээтэ.
Төрөппүттэр остолобуой үлэтин быһа эпииргэ көрө олорор кыахтаннылар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Үөрэх управлениетын МАХ ханаалыттан
Бөлөххө киир

Төрөппүттэр, үөрэнээччилэр уонна учууталлар остолобуойга тугу астыы сылдьалларын көрө олорор кыахтаннылар. Ол курдук ас астыыр блок үлэтэ күннэтэ сарсыарда 7 чаастан күнүс 12 чааска диэри Дьокуускайдааҕы үөрэх тэрилтэлэрин хааччыйар ресурснай киин саайтыгар уонна оскуола фойетыгар мониторга көстө туруоҕа.  

Киин дириэктэрэ Варвара Кычкина этэринэн, бу бырайыак оскуола, төрөппүттэр уонна ас астааччылар икки ардыларыгар итэҕэтиилээх сыһыаны олохтуохтаах.

Төрөппүттэр бородуукта барыта сибиэһэйин, асчыттар ыраас усулуобуйаҕа үлэлииллэрин, ас астааһыныгар санитарнай нуорма кытаанахтык тутуһулларын илэ харахтарынан көрөн итэҕэйиэхтээхтэр. Маныаха куукунаҕа ким да киирбэт, кэтээн көрүү дистанционнай көрүҥүнэн ыытыллар, онон ол-бу ыарыы тарҕанар куттала суоһаабат, үлэ тохтоон хаалбат.

Итиннэ даҕатан эттэххэ, бу иннинэ төрөппүт оскуола аһын хамыыһыйа уонна бэрэбиэркэ ыытан хонтуруоллуур кыахтааҕа, бу курдук онлайн кэтээн көрүү диэн суоҕа.

Маннык бырайыак Арассыыйа үрдүнэн саҥа киирдэ, көдьүүстээҕин көрдөрдөҕүнэ, атын үөрэх кыһаларыгар тарҕатар былааннаахтар.

 

 

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.