Төрөөбүт алааспыттан куорсун анньынан...
Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах педагогическэй үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ, ССРС уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, ЫБСЛКС КК «Лучшему вожатому» бэлиэлээх, «Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үтүөлээх үлэтин иһин» мэтээллээх, Саха сирин үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Бүлүү улууһун уонна Чернышевскай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Веревкина Мария Прокопьевна ахтыытын бэчээттиибит.
Дьиэ кэргэним туһунан
Мин, Веревкина Мария Прокопьевна, 1930 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр Бүлүү оройуонун II Чочу нэһилиэгэр Ходуһалаах диэн алааска күн сирин көрбүтүм.
Төрөөбүт төрүт буор ханнык да сирдээҕэр олус күндү, кэрэ. Былыр муҥхаланар улахан күөллээх этэ. Манна Малтааскы, Уйбааскы, Саахтыйа, Нотойо, Кырдыргыыр, Чуук, Аллан, Борооску, Ньаакыан, Тыраха диэн ыаллар олорбуттар.
Биһиги кыра эрдэхпитинэ олороллоро: Моонньоколор, Кыллайдар, Туккалар, Мэхээскилэр, Дьигискэннэр диэн ыаллар. Борооскулар диэн аймахтарбытын кытта хас да сыл дьукаах олорбуппут. Кинилэр Мэхээлэ, Баһылай диэн учуутал уонна Дьөгүөркэ диэн улахан уолаттардаахтар этэ.
Мин аҕам сэбиэттиир сылларыгар 1937 сыллаахха маҥнайгы Үрдүкү Сэбиэт быыбара буолбута. Нэһилиэк уопсай мунньахтара манна ааһаллара. Биһиги дьиэбит Сугулаан диэн ааттанара. Аан маҥнай 1937 сыллаахха төлөпүөн манна киирбитэ.
Холкуостар сылларыгар дэриэбинэ тула бурдук төгүрүччү ыһыллар этэ. Өлгөм бурдук үүнэрэ. Ол иһин бурдук астыыр молотилка манна үлэлиир этэ. Ходуһатыгар уонтан тахса туонна от оттоноро. Ону төрүөххэ, ыһыы көлөтүгэр анаан уураллар этэ. Кэлин күөлэ курааннаан, уолан хаалбыта. Хонуутугар биир сыл ыһыахха ат сүүрдүбүттэрэ.
Эһэбит Элиэкэ Көстөкүүн олус уус киһи этэ. Онон биһиги хоп курдук ампаар дьиэлээх, уһаайбабыт төгүрүччү соппулуоттаах, боруоталаах, калиткалаах, кыһыҥҥы, сайыҥҥы дьиэлээх этибит. 4 ыанар ынахтаах буоларбыт. Киэһэ, сарсыарда ынах үүрэрбит, күнүһүн ньирэйдэри көрөрбүт. Күөлтэн иһэр уубутун ыаҕайанан таһарбыт. Ойууртан уокка оттор мутукпутун сүгэрбит. Бурдук ичигэстээн, хатаран, суорунаҕа бурдук тардарбыт.
Миигиттэн 5 сыл балыс быраатым Уйбааны кытта оонньуурбут. Иринньэх буолан, 4 сааһыгар хаампыта. Мин кинини үксүн сүгэн сылдьарым.
Төрөппүттэрбит иллээх-эйэлээх этилэр, биирдэ да этиһэллэрин истибэтэҕим. Биһигини ыһыытаан-хаһыытаан, таһыйан ииппэтэхтэрэ. Оҕолор тапталынан угуттанан улааппыппыт.
Бэйэлэрэ үөрэҕэ суох буолан, онно улахан болҕомтолорун уурбуттара. Уйбаан биһиккини Бүлүүтээҕи педучилищеҕа ыытан, учуутал буолар кыаҕы биэрбиттэрэ. Үгүс оҕолор сэрии саҕаламмытыгар үөрэхтэн уурайан, холкуос үлэһиттэрэ буолбуттара. Аҕабыт үөрэҕэ суох да буоллар сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитин сөҕө саныыбын. ВЕРЕВКИН диэн илии эрэ баттыыра.
Оонньооботох оҕо сааһым
Ходуһалаахпыт күп-күөх көнө хонуута, саһарчы буспут бурдуктаах бааһыната, минньигэс балыктаах көлүччэтэ, ама, ханнык алааска тэҥнэһиэй?!
Быраатым Уйбааны кытта алааспыт күөх хонуутугар күөлэһийэн үөскээбиппитин олус да күндүтүк саныыбын. Атах сыгынньах сылдьан ынах хомуйарбытын, ньирэйдэри эккирэтэрбитин. Убайбыт Дьөгүөркэни кытта моҕотойдоон ырбаахыбытын хайыта түһэрбитин. Күөлгэ киллэрэн тыыга олордон баран, «море волнуется» дии-дии хачайдыыра көрдөөх да буолара.
Оскуолабыт биэс биэрэстэлээх Чуондулу диэн алааска баара. Онно сатыы сылдьан үөрэнэрбит.
Мин 1941 сыллаахха төрдүс кылааһы бүтэрбитим. Бэс ыйын 22 күнүгэр үөрэ-көтө ыһыахтыы сырыттахпытына куораттан райсовет бэрэстэбиитэлэ Миронов Илья Трофимович тахсан, «сэрии буолла» диэн иһитиннэриитэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии суостаах сурах буолбута.
Ол күнтэн ыла байыаннай балаһыанньа биллэриллибитэ. Маҕаһыыҥҥа туох да суох буолбута. Уулуссаҕа «Родина–мать зовет!», «Беспощадно разгромим и уничтожим врага!» диэн киһини ыстыыгынан анньан эрэр хартыына ыйаммыта ынырык этэ. Дьоннору сэриигэ хомуйуу саҕаламмыта. Ааҕар балаҕан таһыгар ат бөҕөнү хомуйан, ыаллар аҕаларын, уолаттарын атаарар ытаһыылара, куоракка дьоннору илдьэр борохуот үөгүлээһинэ кулгаахпар билигин да иһиллэр курдук. Ама да ааспытын иһин, бу ынырык кэм этэ. Биир ыалтан үс уол бииргэ барыыта, ийэлэрэ акка соһулла сылдьан ытааһына киһи тулуйбат хартыыната этэ. Куоракка киллэрэн, борохуотунан илдьэллэрэ, устар аал киһи куйахата күүрэр хаһыыта дьону олус долгутара.
Эр дьон учууталлар сэриигэ баран, оскуолабыт түөрт эрэ кылаастаах буолбута. Үгүс оҕолор атын сиргэ баран үөрэнэр кыахтара суох буолан, уурайарга күһэллибиттэрэ.
Мин, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан диэбит курдук, бэһис-алтыс кылааска куоракка, сэттис кылааһы Бөтүҥҥэ үөрэнэн бүтэрбитим. Хам аччык сатыы сылдьан үөрэнэрбит. Сайынын улахан дьону кытта тэҥҥэ холкуоска үлэлиирбит: от мунньарбыт, бурдук быһарбыт, оҕуруокка үлэлиирбит. Күһүн муҥхаҕа сылдьарбыт. Балык кэлэр этэ да, бэрт кыратык биэрэллэрэ, үксүн фроҥҥа уураллара. Аччыктааһын, хоргуйуу, тоҥуу-хатыы сорун эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Бэс үөрэтин, уу судураан хааһыны сиэн күнү туоруурбут. Лэппиэскэ кэмчи, аһылыкпыт айылҕа тугу бэрсэринэн буолара. Бурдук үүннэҕинэ лэппиэскэ сиирбит, аҕабыт балыктаан, куобахтаан аһыырбыт.
Оччотооҕу сокуон кытаанах этэ. Бааһынаҕа тохтубут бурдугу хомуйарыҥ, бэйэҥ сүөһүгүн өлөрөн сиириҥ, оннооҕор кутуйах хаһааһыттан эбинэрбитин боболлоро. Биһиги таспытыгар Иванов диэн биригэдьиир олороро. Кини ичигэстээбит бурдукпутун тутарын иһин ойуурунан саһа-саһа барарбыт. «Государство бурдугун уораҕыт», – диирэ.
Сэриини кытта хосуһан, сут-кураан сатыылаабыта. Дьон быста дьадайбыта, хоргуйан өлүү элбээбитэ. Ордук 1943 сыллаахха хоргуйан өлөллөрүн илэ харахпытынан көрөрбүт. Быста ыран, кубарыйан баран суолга охтон түһэллэрэ. «Ырааһыйан» өлбүт диэн буолара. Ыал ыалынан өлөрө. Федоровтар диэн ыал ийэлэрин кытта алта оҕо хоргуйан өлбүттэрэ. II Чочуга отучча киһи өлбүтэ.
1941 сыллаахха байыаннай үөрэх саҕаламмыта, Чуондулуга ыстааптанан. Оҕолор ону үтүктэн, бары сэриилэһэ оонньуур буолаллара. Аптамаат, трещетка диэн оонньуур оҥостоллоро.
Оскуолаҕа сбордарга, похуоттарга «Священная война» (Вставай, страна огромная, вставай на смертный бой!), «Катюша», «Капитан Гастелло», о.д.а. ырыалары уоспутуттан түһэрбэккэ ыллыыр буоларбыт. Үлэҕэ, үөрэххэ көҕүлүүллэрэ.
Дьон араадьыйанан «тиһэх сонуннары», Сталин тыл этиитин күүтэллэрэ, сэрииттэн үс муннуктаах суруктары кэтэһэллэрэ. Сороҕор хара суруктар кэлэннэр ыаллары аймыыллара.
Ийэлээх аҕабыт биһигини иитэр туһугар хараҥаттан хараҥаны ыпсаран, аччыктыыры, тоҥору аахсыбакка, ыарахан үлэни санныларыгар сүгэллэрэ.
Ийэбит ыарахан үлэ кэнниттэн түүнүн куобах үтүлүк, кээнчэ, куллука тигэн фроҥҥа ыытарга иистэнэрэ. Бурдук баар буоллаҕына тардан, лэппиэскэлээн, хааһылаан аһатан утутара. Биир ынаҕын ыан күөрчэхтээн, суораттаан сиэтэрэ. Ийэм сэрии содулуттан олохтон эрдэ барбыта. Ийэ барахсан күн анныгар туохтааҕар да күндү киһи эбит. Кини тапталын сылааһа өйбөр-сүрэхпэр умнуллубат ахтылҕан буолан сылдьар. Ыччаттар, ийэлэргитин харыстааҥ диэн баҕа санаабын этэбин.
Кыайыы буолбут үөрүүтэ
Мин 1945 сыллаахха Кыайыы буолбут үөрүүтүн Бөтүҥҥэ көрсүбүтүм. Ол саҕана Никииппэр кыыһа Балбааралаах диэн ыалга олорон үөрэммитим. Оскуола дириэктэрэ Протопопов Нифонт Михайлович, завуч Корякин Георгий Георгиевич диэн сүрдээх билиилээх, уопуттаах салайааччылар үлэлииллэрэ.
Саас ыам ыйын 9 күнүгэр үөрэнэ кэлбиппитигэр кылааспыт салайааччыта Иванов Иосиф Иннокентьевич «Кыайыы буолбут» диэн биллэрбитигэр бары ойон туран, «Ураа!» дии-дии ытыспытын таһыммыппытын өйдүүбүн. Онтон таһырдьа тахсан стройдаан сэбиэт дьиэтигэр тиийбиппит. Дьиэ сарайа суох этэ. Учууталлар дьиэ үрдүгэр тахсан саанан салют ыппыттара. Үөрүү-көтүү үксээбитэ.
Киэһэ кулууп дьиэтигэр улахан бырааһынньыкка киһи бөҕө мустубут этэ. Бастаан миитин, онтон кэнсиэр буолбута. Холкуос бэрэссэдээтэлэ Иванов Иван Дмитриевич, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Федорова Евдокия Никитична, оскуола дириэктэрэ Протопопов Нифонт Михайлович тыл эппиттэрэ. Маассабай оонньууга оһуохай буолбута. Аармыйаттан кэлэ сылдьар Саввинов Николай Саввич (Сэрбэкэ) кимиэхэ да солбуттарбакка, киэһэттэн сарсыардааҥҥа диэри оһуохай эппитэ. Ураты кылыһахтаах, имэҥнээх-илбистээх кэрэ куолаһын салгыбакка истэн, тэҥҥэ хаамсан сөхпүппүт. Суукка аҥаарын кэриҥэ тохтообокко этэр уһун тыыннаах оһуохайдьыты бу иннинэ истэ-көрө илигим. Биһиги, оҕолор, түһүлгэ иһигэр киирэн кыра түһүлгэ оҥорон үтүктэр этибит. Урут оҕолору бырааһынньыкка эрдэ үүрэр буолаллара, бу киэһэ улахан дьону кытта тэбис-тэҥҥэ сарсыардааҥҥа диэри сылдьыбыппытыттан наһаа астыммыппыт. Улуу Кыайыы үөрүүтүн Бөтүҥҥэ көрсүбүппүн олох умнубаппын.
Сэттис кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитим кэннэ таайым Баһылай эмиэ атыгар мэҥэстэн Бүлүүтээҕи педучилищеҕа киллэрэн үөрэттэрбитэ. Бытыакаптар, Баһаараптар диэн үчүгэй баҕайы ыалларга олорон, училищены 1948 сыллаахха бүтэрбитим.
18-таах кыыһы Баппаҕаайы 7 кылаастаах оскуолатыгар алын кылаас учууталынан анаан ыыппыттара. Эдэр үчүгэй кэлэктиипкэ түбэһэн, табыллан үлэлээбитим. Маҥнайгы кэлэктииппин олох умнубаппын: дириэктэр Корякин И.И., завучтар Харлампьев А.Г., Томскай Ф.С., кэллиэгэлэрим Гоголева М.Ф., Федорова Е.Н., Алексеев Е.С., Николаев Ф.И. бары да үтүө дьон этилэр, эдэр учууталга элбэхтик көмөлөспүттэрэ.
Суолуттан улаханнык саллыбытым. Ынырык бадарааннаах суолунан сатыы кумаардаах кэмҥэ 5 хонон тиийэрбит.
4 сыл үлэлээн баран, дойдубар Чуондулу оскуолатыгар кэлэн 50 сыл, барыта 54 сыл олохпун оҕо иитиитигэр анаабыппынан киэн туттабын. Үлэм сыаналанан, элбэх наҕараадаҕа тиксэн, күн бүгүҥҥэ диэри чиэскэ-бочуокка сылдьарбыттан астынабын. Үөрэппит, көччөх гынан көтүппүт ыччаттарым махталлара санаабын өрө көтөҕөр, олоххо кынаттыыр.
Оҕо сааһым сэрии ыарахан сылларыгар ааһан, тыыннаах ордон, үөрэнэн, учуутал идэтин ылбыппар дьоммор махталым муҥура суох. Иккис улахан махталым таайбар Кузьминов Василий Иннокентьевичка. Алтыс кылааһы бүтэрэн баран үөрэммэккэ сырыттахпына аармыйаттан кэлэн баран, Бөтүҥ 7 кылаастаах оскуолатыгар, онтон педучилищеҕа акка мэҥэстэн киллэрэн үөрэттэрбитигэр хаһан да умнуллубат улахан махталлаахпын, — диэн ахтыытын түмүктүүр 94 хаарын уулларан, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин тапталларыгар угуттанан, олох дьолун толору билбит, үгүс оҕоҕо билии аартыгын арыйан, улахан олох суолугар үктэнэллэригэр кыах биэрбит үтүөкэн учуутал Мария Прокопьевна Веревкина.
Үөрэппит, такайбыт оҕолоро бары үлэһит үтүөтэ буолан, билигин бэйэлэрэ ийэ, аҕа, эбээ, эһээ ааттанан, олох үөрүүтүн билэн олороллоруттан Мария Прокопьевна астынар. Кини билигин Бүлүү улууһун Чинэкэ нэһилиэгэр, аатын ааттатар кэнчээри ыччаттарын ситиһиилэринэн кынаттанан, кыыһыгар Корякина Любовь Прокопьевнаҕа олорор.
Айыыһыт арыаллыыр,
Иэйэхсит харыстыыр,
Күммүт күүһэ көмүскүүр
Сырдык ыллык үктэллэнэн,
Күүстээх санаа үрдэллэнэн,
Кэрэни кэрэхсииргэ,
Үтүөнү үксэтэргэ,
Тулабытын тупсарарга
Уһуйбут учууталга уруй буоллун! – диэн баҕа санаа бастыҥынан суруйуубун түмүктүүбүн.