13.10.2026 | 19:30 | Просмотров: 463

Түүппүлэ (кэпсээн)

Түүппүлэ (кэпсээн)
Ааптар: Иван Андросов-Айанньыт
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Сибиэтэ иһитин хомуйан, уолларын хоһугар ыалдьыттарыгар орон оҥорон, суунан-тараанан, утуйардыы сыппыта. Аан нөҥүө дьоно кэпсэтэн бөтүгүрэһэллэрэ, күлсэн ылаллара иһиллэрэ. “Барахсаны... Оо, тулаайах... Ынырык дии. Хата, киһи-хара буолбут...” – Сибиэтэ ыалдьытын кэпсээнин санаан уйадыйбыта. “Чахчы оннук ээ. Ийэ, аҕа диэн тыллар туохха даҕаны тэҥнэммэт күндү буоллахтара. Мин эмиэ, ийэм өлбүтүн кэннэ, “Ийээ” диэн ыҥырыахпын, саҥарыахпын олус даҕаны баҕарарым...  Ити тылы дорҕоонноохтук саҥараары, ийэ диэн тыллардаах хоһооннору өйбөр тута үөрэтэрим дии. Түгэн көһүннэҕинэ, дорҕоонноохтук ааҕаары. Бээ, хоһоон диэбиккэ дылы, – Сибиэтэ  балаҕан ыйын маҥнайгы күнүгэр хоһоонтон сылтаан аймаммытын, көрүдьүөстэммитин санаан сонньуйан ылбыта. Сүрэҕэ минньигэстик нүөлүйэ, ол кэмин өйдөөн кэлбитэ.

Оччолорго күп-күөх халлааннаах оҕо саас кэрэ даҕаны кэмнэрэ этилэр. Бары бааллара... Ийэтэ, аҕата, улахан эдьиийдэрэ, кыра убайа. Сибиэтэ иккис кылааһы бүтэрбит сааһыгар ийэлэрэ ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Балыыһаҕа киирдэҕинэ өр буоларын сэрэйэн, аматыйбыт кэмигэр, оҕолоругар таҥас-сап ылан хааллараары, лааппыга бэйэтэ сылдьара. Барыан аҕай иннинэ, лааппыга табаар кэлбитигэр түбэһэн, Сибиэтэҕэ үп-үрүҥ өҥнөөх түүппүлэ атыыласпыта. Оо, онно Сибиэтэ үөрдэ да этэ,  тутатына кэтээри тииспитин ийэтэ: “Сыллыай, күһүн оскуолаҕа бараргар кэтиэҥ. Ити бачыыҥкаҕынан сылдьан эр”, – диэн тохтоппута. Кыыһа көрбөт кэмигэр ыскаапка кистии уурбута.

Ийэлэрэ балыыһаҕа киирбитэ, аҕалара хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлиирэ. Эдьиийдэрэ, убайа, төһө даҕаны оскуола оҕолоро буоллаллар, сайылыкка ньирэй көрсөллөрө.  Онон Сибиэтэ дьиэтигэр соҕотох хаалара. Сарсыарда хойутуу турара. Остуолга киниэхэ анаан тардыллыбыт аһы аһаат, иһитин сааһылаат, сиппииринэн аанын баттатан, аймахтарынан, дьүөгэлэринэн  оонньуу сүүрэрэ. Көрөр-истэр киһитэ суоҕуттан, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьара. Арыт, күн үтүөтүгэр, аттыларыгар баар күөллэригэр этэ көҕөрүөр диэри сөтүөлүүрэ. Тастыҥ эдьиийин аахха тиийэн, оҕолору кытта оонньуура, асаһара. Дьиэтигэр киэһэлик, эдьиийдэрэ кэлиитэ, эстэн-быстан, сылайан тиийэрэ. Ийэтин суохтаан, оронноругар тахсан, ытыы сытан, утуйан хаалара.

Биир сарсыарда оонньуу бараары сылдьан, бачыыҥкатын тилэҕэ  силлэн, аппаҥныы сылдьарын көрбүтэ. Таҥас ыйыыр ыскаап үрдүн, дьыбаан аннын сүргэйбитэ эрээри, киниэхэ сөптөөх атах таҥаһа көстүбэтэҕэ. Эмискэ ийэтэ атыылаһан аҕалбыт түүппүлэтин өйдүү түспүтэ. Үгүһү саныы барбакка, таҥас угар ыскаабы хаһан, ийэтэ кистии уурбут үп-үрүҥ өҥнөөх түүппүлэтин булан ылбыта. Ол күн оонньуу барбакка, дьиэтин иһигэр ырыа-тойук буолан, саҥа түүппүлэтинэн тоһугурайа, бэл, дьиэтин соппута. Дьоно кэлиэхтэригэр диэри олус харыстаан кэппитэ.  Эдьиийдэрэ кэлэн уһултара сатаабыттарын, туох да иһин устубатаҕа. Ийэтин ыҥыра ытаан, аймалҕан тарпыта. Аҕалара кэлбитигэр эдьиийдэрэ үҥсэ тоһуйбуттара.

– Оо, оҕом бачыыҥкалара аччыктаабыттар дии... Туһата суох буолбуттар, – аҕата тилэҕэ силлибит бачыыҥкалары эргим-ургум көрөөт, бөх биэдэрэтигэр бырахпыта.

–  Оҕом атаҕын таҥаһа суох хаалбыт... Бээ, бачыыҥка кэллэҕинэ ылыахпыт, онуоха диэри ити түүппүлэтин кэтэн эрдин. Хайдах атах сыгынньах сылдьыай? – диэбитинэн, атаахтаан биилиттэн кууспут Сибиэтэни кэтэҕиттэн сыллаабыта: – Чыычаах, бачыыҥкаларгын харыстаа, сөп дуо? Хайа, оскуолаҕа бараргар кэтиэҥ этэ буоллаҕа. Эчи, кылбаһан, маҥаннара даҕаны бэрт эбит.

Сибиэтэ аҕыйах күн түүппүлэлэрин харыстаан, атах сыгынньах, сороҕор уу кэһэр саппыкытын анньынан сылдьыбыта. Ол эрээри, сүүрэргэ-көтөргө, оонньуурга табыгаһа суоҕуттан: “Чэ, биир оонньууга кэтиим, сөөп...” диэн, бэйэтин дуу, түүппүлэтин дуу алы гынардыы саҥара-саҥара кэтэрэ. Бииргэ оонньуур кыргыттара ымсыыралларыттан олус астынара.

Сибиэтэ ийэтин олус ахтара, суохтуура. Сорох түүн сыттыга илийиэр диэри ытыыра, түһээн ийэтин ыҥыран, аҕатын аймыыра. Аҕалара үлэтиттэн быыс-арыт булан, ийэлэрин көрсөн кэлэрэ. Оччоҕо Сибиэтэ күннүүрэ. “Ийэм кэһии ыыппыт!” – диэн үөрэн чаҕаарара, ийэтэ мунньан ыыппыт кэмпиэтин, бэчиэнньэтин тута сылдьан сиирэ, ол аайы үрүҥ түүппүлэлэрэ туллук курдук кылбаҥнаһаллара.

Үгүс үлэх, көрдөһүү, ытааһыннаах сайыһыы кэнниттэн, биир күн аҕалара ийэлэрин көрсө барарыгар, Сибиэтэни илдьибитэ. Оо, акка мэҥэстэн өр даҕаны айаннаабыттара. Ийэтигэр дьон сылдьарын көҥүллээбэт этилэр эрээри, кинилэри көрүһүннэрбиттэрэ. Буолаары буолан, Сибиэтэ хараҕын уутунан суунан, ийэтин кытта хоно хаалбыта. Уу... ол күн дьоллонно да этэ. Бу санаатаҕына үрүҥ халааттаах аанньаллар, ийэтэ мөлтөөбүтүн билэн, тиһэх көрсүһүүнү бэлэхтээбиттэр быһыылааҕа.

Күн хараана суох баран истэҕин аайы, атах таҥастара атыылана кэлбэккэлэр, кылбаа маҥан түүппүлэлэр кэтиллэллэрэ элбээбитэ. Сотуллаллара-сууйуллаллара, харыстаныахтааҕа сыыйа умнуллан барбыта. Үп-үрүҥ өҥнөөх кэрэчээн түүппүлэлэр быылтан, киртэн күрүҥ дьүһүннэммиттэрэ. Саҥаларыгар Сибиэтэ утуйар оронун анныгар кэккэлэһэ ууруллан маҥхаһаллара. Ол бэйэккэлэрэ, сорох ардыгар ханна эрэ тэбиллэннэр, бэрт эрэйинэн көстөр буолбуттара.

Оҕо саас күннээх сайына ааһа охсубута, силбик ардах аргыстаах күһүн тыына биллибитэ. Хатыҥнар соҥуора иһийэн, көмүс өҥнөммүт сэбирдэхтэринэн көөчүктээн эрэрдии эргичиҥнэтэ, оргууй тамнааттанар кэрэ кэмнэрэ үүммүттэрэ. 

Балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ чугаһаабыта. Биир күн Сибиэтэ учуутала анаан кэлэн, үөрэх аһыллар үөрүүлээх түмсүүтүгэр хоһоон ааҕар чиэскэ тиксибитин иһитиннэрэ, хоһоон үөрэттэрэ биэрбитэ. Сибиэтэ, чахчыта даҕаны, хоһоону түргэнник өйүгэр тутара уонна дорҕоонноохтук ааҕара. Учуутала биэрбит хоһоонун  күнүнэн үөрэппитэ.

Үөрэх саҕаланара субу ыган кэлбитэ. Эдьиийдэрэ оскуолаҕа барар таҥастары-саптары өтүүктээн бэлэмнээбиттэрэ. Сибиэтэ түүппүлэлэрин устан ылан, сууйан-сотон көрбүттэрэ эрээри, саһарымтыйбыт, онон-манан тириитэ хайыта барбыт, хаһан эрэ үп-үрүҥ өҥнөөх барахсаттар саҥаларыгар түспэтэхтэрэ. Сибиэтэ эргэрэ охсубут түүппүлэтин дьэ көрбүттүү, ытаан аҕыс айдааны тарпыта.  Эдьиийдэрэ: “Баҕар, аҕаҥ атыыласпыта буолуо, эйигин көрдөҕүнэ кэтиэ диэн кистээтэҕэ”, – диэн, бэрт эрэйинэн уҕарыппыттара. Балтыларын тутан ылан сууннаран-тараан, эрдэ оронун булларбыттара. Сибиэтэ, санаата төһө даҕаны түстэр, сарсыарда сабыс-саҥа бачыыҥкалар баар буолуохтарын баҕара сытан, аҕатын күүппэккэ, утуйан хаалбыта.

Сарсыарда уһуктаат, сытан эрэн оронун таһын, аннын өҥөлдьүйбүтэ эрээри, саҥа буолуохтааҕар, эргэрбит даҕаны бачыыҥкалара суохтара. Ытыахтыы мэрбэҥнии туран иһэн, түннүгүнэн тыкпыт күн уотуттан туох эрэ килэбэчийэн ылбытын дьиктиргээбитэ. Харахтарын ньухханан өйдөөн көрбүтэ, остуолга тэлгэммит хаһыат үрдүгэр кып-кыһыл, өссө күн уотуттан килэбэчиһэр түүппүлэлэр тураллара! Оо, Сибиэтэ онно үөрдэ даҕаны этэ, кырачаан ытыстарын тэһиргэтэ, дьиэрэҥкэйдээн ылбыта. Дьиэлэрин иһэ үөрүүнэн туолбута.

“Бээрэ, онтон хайдах этэй? Хоһоонун ааҕан баран көрдө этэ дуу, дьиэтигэр тиийэн баран этэ дуу...” – Сибиэтэ өрө тыына мичээрдии, кып-кыһыл кылабачыгас түүппүлэлэрэ ситэ хаппатах лаахха сыстан буорунан, куурусса түүтүнэн бүрүллүбүтүн, кырааскалара быһыта барбытынан урукку өҥө маҥхаҥныырын саныы сатаабыта.

Эдьиийдэрэ киэһэ аҕалара кэлбитигэр, Сибиэтэ бачыыҥкатыттан сылтаан аһаабакка, ытаан утуйбутун кэпсээбиттэр этэ. Дэлби кэһиллэн, маҥан өҥө араҕастыйбыт, онон-манан быһыта барбыт түүппүлэлэри көрдөрбүттэр. Аҕалара, өр толкуйдуу барбакка, түүппүлэлэри кыһыл акварелынан кырааскалаан, хаппытын кэннэ сууруллубатын туһуттан, мас лааҕынан кылбаччы соппут. Ситэ куурбута буоллар, баҕар, кэм тулуктаһыа эбитэ буолуо... Лааҕа куурбатах түүппүлэлэргэ уулусса буора, быыла, кыра от-мас, куурусса түүтэ сыстан, көрүөхтэн түктэри буолбут этэ. Чэ, ол эрээри, үөрэх аһыллар үөрүүлээх линиэйкэтигэр Сибиэтэ хоһоону дорҕоонноохтук ааҕан, учууталыттан хайҕаммыта. Сарсыҥҥы күнүгэр аҕалара, ийэлэрин көрсө бара сылдьан, Сибиэтэҕэ саҥа бачыыҥканы атыылаһан аҕалбыта.

Сибиэтэ оҕо сааһын биир умнуллубат түгэнин санаан, ыгыллан тахсыбыт харахтарын уутун иэдэстэригэр аҕыы, оргууй үөһэ тыына, нухарыйан барбыта.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.