Үүт бэлэмин былаана 90,9 бырыһыан туолла
ТХМ иһитиннэриитигэр сигэнэр буоллахха, билиҥҥи туругунан, олохтоох табаары оҥорооччулар 51 141,99 туонна үрүҥ илгэни туттарбыттар. Бу – сыллааҕы былаан 90,9 %-гар тэҥнэһэр. Былырыыҥҥы сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ, 6,32 туоннанан үгүөрү.
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ ылыммыт социально-экэнэмиичэскэй сайдыытын тутаах тосхоллоругар 2036 сылга тиийэн, Саха сирэ үүккэ наадыйыытын 50-тан 60 бырыһыаҥҥа диэри үрдэтэр сорук турар.
Көмө саҥа мэхэньиисимэ киирбит бастакы сылларыгар үүт бэлэмин көрдөрүүтэ намтыы сылдьан баран, былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн 60,2 тыһыынча туоннаттан 63,4 тыһ. т тиийбит.
Үүт туттарар 20 оройуон үүт бородууксуйатын бэлэмин улаатыннарбыт. Ынах арыыта былырыын 2024 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ, былырыын 1 741,1 туонна бэлэмнэнэн, 6,6 % элбээбит. Көрдөххө, быйыл да арыы сөбүгэр оҥоһуллубут чинчилээх. Сыаната бэл түһэ быһыытыйбыт.
Үүт атын көрүҥнэрин этэр буоллахха, кымыс 22,3 туонна бэлэмнэммит (+11,5%), чөчөгөй – 1 183,2 н (+1,6%), “кисломолочка” – 4 604,8 т, сүөгэй – 778,7 т, сыыр уонна иэдьэгэй – 601,5 туонна астаммыт.
Тоҕус ый түмүгүнэн, Нам — 124% (2 570 т), Кэбээйи — 110,6% (1 369 т), Мииринэй — 103,3% (702 т), Өлүөхүмэ — 103,1% (2 184 т), Сунтаар — 102,7% (5 480 т), Горнай — 100,3% (1 591 т) толорбуттар.
Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар ортолоругар былаанын 134 бырыһыан толорбут Кэбээйи "Сайылык" МТС ТХПК инники күөҥҥэ сылдьарю. "Ворошилов" СХППСК 129% толорбут. Нам "Эрэл" ТХПК-та –124% ситиспит, Сунтаар биэс кэпэрэтиибэ, "Горнай-Ас" (106%), "Алаас-Ас" ТХПК (102%), "Новай", "Туймаада" ПК ХЭУо (104%) уо.д.а. көрдөрүүлэрэ атыттартан чорбойор.
Таатта "Баай-Ас" кэпэрэтиип үүтү асептическай дэнэр хахха кутар буолбут. Онтулара сертификацияны бара сылдьар, “Ас-үөл” быыстапка-дьаарбаҥка кэмигэр амсатыыга таһаара сылдьыбыттара. Манна 2.5 бырыһыаннаах дьиҥ үүт кутуллуо. Кэрэхсэбиллээҕэ, бытыылкаҕа кутуллар натуральнай үүт бэрт сотору аһыйар. Оттон бу саҥа көрүҥ хах үүт тулуктаһар кэмин уһатар дииллэр. Амсайбыт дьон биһирээбиттэр, тыа үүтүн курдук минньигэс амтаннааҕын бэлиэтииллэр. Таатта бу кэпэрэтиибин аһа-үөлэ Таатта улууһугар эрэ буолбакка, Дьокуускайга эмиэ атыыланар. Киин куоракка фирменнэй маҕаһыыннарыгар атыылыыллар уонна "Удачная покупка", "Своя копейка" курдук улахан маҕаһыыннарга эмиэ туттараллар. Эһиги амсайбыккыт дуу?