“Сыыппара уруога” диэн Аһаҕас уруок буолла
Бу маны сыыппара волонтера, СӨ Инновация, сыыппара сайдыытын уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэ информация өттүнэн куттал суох буолуутун салаатын начаалынньыга Татьяна Попов ыытта.
Сонун уруокка оҕолор Оҥоһуу Өйү туһанан трехмернай моделы оҥоры туһунан кэпсэттилэр, бэйэлэрин бырайыактарын, идеяларын үллэһиннилэр. Үөрэнээччилэр пеналы, учебнигы тутар тэрили, өтүйэни, ону тэҥэ дьиэлэр прототиптарын, куораты оҥорорго этиилээхтэр.
Татьяна Попова: «Оҕолорго адьас кыра эрдэхтэриттэн сыыппара технологията күннээҕи сыалы-соругу быһаарарга көмөлөһөрүн көрдөрөр, кэпсиир улахан суолталаах. Оҕолор үөрэххэ, күннээҕи олоххо сыһыаннаах, тулалыыр туонаны тупсарыыга көмөлөөх диэбит бырайыактарын үллэһиннилэр », — диэн кэпсээбитин СӨ Инновация министиэристибэтэ иһитиннэрэр.