05.12.2024 | 16:46

«Сырдык киин куорат» 2024 сыллааҕы үлэтин түмүктээтэ

«Сырдык киин куорат» 2024 сыллааҕы үлэтин түмүктээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Сырдык киин куорат» муниципальнай бырагыраама олоххо киирэригэр 2024 сылга 40 мөл. солк. кэриҥэ харчы тыырыллан, былааннаммыт 17 эбийиэккэ үлэ түмүктэннэ. Ол иһигэр уопсайа 7027 миэтэрэ усталаах уулусса-суол ситимин былаһын тухары 208 тирээбил уонна 249 светильник туруорулунна.
2024 сылга «Сырдык киин куорат» бырагырааманан оҥоһуллубут уулуссалар:
– Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын Киин аллеята;
– Михаил Николаев проспегар 2/4 нүөмэрдээх дьиэҕэ диэри кыбаартал иһинээҕи суол;
– «Гимеин» эргиириттэн Мерзлотнай уулуссаҕа диэри;
– Хатас нэһилиэгэр Николаев уулуссата;
– Тулагы нэһилиэгэр Николаев уулуссатын 94 №-дээх дьиэтиттэн 64 №-дээх дьиэтигэр диэри (1-кы уочарат); 
– «Тускул» түөлбэҕэ Иосиф Николаев уулуссатыгар;
– Дачнай уул., 24 №-дээх дьиэтиттэн 61 №-дээх дьиэтигэр диэри;
– Пригороднай сэл. Хочо уул. муостаттан Геодезистар уул., 12 диэри (оптуобус тиһэх тохтобула);
– Красильников уул., 7/1;
– Мерзлотнай уул. (“Медкиин” тиһэх тохтобул);
– 203-с кыбаартал 1 №-дээх дьиэтиттэн Ларионов уул. диэри кэрчик; 
– «Парус» 89№-дээх оҕо саадыгар киирэр суол;
– Баһылай Манчаары уул., 14 №-дээх дьиэтиттэн 30 №-дээх дьиэтигэр диэри кэрчик;
– «Портовское кольцо» эргиир;
– Котенко уул., 34-тэн Асямов уулуссатыгар диэри кэрчик;
– Мархаҕа Газовиктар уул., 8/1 дьиэтигэр диэри;
– Кангалаассыга Садовая уулусса.
Сырдатыы үлэтэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» бырайыагынан эмиэ ыытыллар. Ол курдук, быйыл уопсайа 973 тирээбил уонна 1323 светильник турбутуттан нацбырайыагынан – 780 тирээбил уонна 1069 светильник. Бу 40 км тахса усталаах сырдатыллыбыт суол уонна уулусса. 
Сырдатыы үлэтэ уопсастыбаннай туоналары тутуу уонна саҥардыы иитинэн эмиэ ыытыллар. Ол курдук, ааһан эрэ сылга Роман Дмитриев аатынан кытыл, Сайсары күөл кытыла, Кыайыы паарката, Култуура уонна сынньалаҥ паарката, Федор Попов аатынан сквер, Ленин болуоссата саҥалыы оҥоһуллан, тутуллан, бу туоналарга уопсайа 354 тирээбил уонна 375 светильник туруорулунна, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата «Горсвет» информациятынан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....