Сылгы төбөтүгэр бэриллэр субсидияны ылыы балачча эридьиэстээх буолсу
Сэтинньи 3 күнүгэр буолбут олохтоох бырабыыталыстыба мунньаҕар саха боруода сылгыга көрүллэр субсидия туһунан кэпсэттилэр. Онно сылгы собуоттарыгар субсидия биэрии бэрээдэгэр уларытыы киирэрин эттилэр.
Судаарыстыба бу өйөбүлүн ылар туһугар сылгылаах хаһаайыстыбалар бу сыллааҕы үп-харчы, хаһаайыстыбаннай үлэ-хамнас былаанын уонна төһө дохуоту аахсарга суоттаналларын олоччу отчуоттаан, суоттаан биэрэллэрэ ирдэнэр буолбут. Силигин ситэрэн, онтуларыгар оҥоһуллан тахсар табаар бэйэҕэ турар сыанатыгар олоҕуран олохтуур сыаналарын уонна атыылыырга суоттанар кээмэйдэрин чопчу суоттабыла баар буолуохтаах.
Көмө кээмэйэ саха боруода сылгытын төбөтүн ахсааныттан тутулуктанар. Биир төбөҕө көрүллэр субсидия ыстаапката онуоха 54 тыһыынча солкуобайтан үрдүк буолбата этиллэр.
Ону таһынан буҕаалтыр оҥорор отчуота, учуота хайаан да наада буолар. Онно кини көрсүллүбүт ночооту, ылыллыбыт дохуоту уонна ханнык үлэ көрүҥэ хантан үбүлэммитин чопчу ыйыахтаах. Салгыы баран, оҥорон таһаарыыга дьиҥ көрсүллүбүт ночоот төһө-хачча буолбутун киллэриэхтээх. Бу маннык тустаах хаһаайыстыбаларга олус бэрдэ суох уларытыылар өрөспүүбүлүкэ субсидия биэриитин бэрээдэгин федеральнай ирдэбиллэргэ сөп түбэһиннэрэр туһуттан киирбиттэр.