Сылаас тохтобуллары вандаллар сүгүн туруорбаттар
Суол инфраструктуратын уонна тырааныспар департаменын начаалынньыга Эдуарда Садовников куорат уопсай мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, чуолаан Курнатовскай уонна Можайскай уулуссаларыгар турар сылаас тохтобулларга монитордары, истиэнэлэри, уот боруобаттарын алдьаталлар. Кини быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэлэрин күүһүрдэллэригэр, туһааннаах миэрэни түргэнник ылалларыгар ыҥырда.
Сылга хаста даҕаны саҥа сылаас тохтобул аһыллыбытын туһунан үөрүүлээх сонуну суруйабыт. Хомойуох иһин, ону харыстаабакка, утары урусхаллаан, көрүөх бэтэрээ өттүгэр күөдэл-таһаа оҥорооччулар бааллар. Кэнники кэмҥэ эрдэҕэс оҕолор күлүгээнниир буолбуттара ордук дьиксиннэрэр.
Кыһыҥҥы томороон тымныыттан быыһыыр, күһүҥҥү хахсаат тыалтан хаххалыыр, сайыҥҥы самыыртан саһар, сааскы албын халлааҥҥа хорҕойор тохтобулларбытын алдьатыы, үлтү сынньыы сиэргэ баппат, өйдөммөт...