25.04.2026 | 10:59 | Просмотров: 134

Сылаас тохтобуллары куортамҥа биэрии — куорат бүддьүөтүгэр ноҕоруусканы аччатыы

«Куорат тырааныспарын систиэмэтин сайыннарыы» муниципальнай бырагырааманан сыл аайы куоракка 10-нуу саҥа сылаас тохтобул үлэҕэ киирэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка 61 аҥаардас муниципальнай тохтобул баар. Сыл бүтүөр диэри бу ахсаан 71 тиийиэҕэ.
Сылаас тохтобуллары куортамҥа биэрии — куорат бүддьүөтүгэр ноҕоруусканы аччатыы
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сылаас тохтобуллары «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» тэрилтэ көрөр-истэр. Маныаха муниципальнай бүддьүөттэн сыллата балайда харчы көрүллэр: 2025 сылга 8,1 мөл. солк. суумалаах хантараак түһэрсиллибит, 2026 cылга —  11,7 мөл. солк. тахса. Бу туһунан Куорат дууматын мунньаҕар Дьокуускай куораттааҕы Суол-иис инфраструктуратыгар уонна тырааныспарга департамент начаалынньыга Эдуард Садовников иһитиннэрдэ.

Эбийиэктэри электричество уотунан хааччыйыыга эмиэ балайда ороскуот ирдэнэр. Ол кудук, 2026 сыл аҥаардас тохсунньу-олунньу ыйдарыгар электроэнергияҕа 5 мөл. солк. барбыт. Манан сибээстээн, куорат бүддьүөтүгэр ноҕоруусканы аччатар сыалтан, сылаас тохтобуллары арендаҕа биэрии үлэтэ ыытыллар. Ол иһигэр дьокутааттар сылаас тохтобулларга турар монитордары урбаанньыттар угуйуктарыгар куортамныырга этии киллэрдилэр.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.