Сыл аҕыс ыйыгар — 9340 буруйу оҥоруу
Өрөспүүбүлүкэ Борокуратууратын официальнай саайтыгар тахсыбыт иһитиннэриигэ сигэнэн эттэххэ, бу дьыл аҕыс ыйыгар Саха сирин үрдүнэн 9340 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Ол иһигэр, 14 куоракка буруйу оҥоруу эбиллибит, 21 муниципальнай оройуоҥҥа – аҕыйаабыт.
*Бу этиллэр кэм иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 59 киһини өлөрүү, киһи доруобуйатыгар улахан, ыар охсууну оҥоруу 29 түбэлтэтэ тахсыбыт.
*Өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар буруйтан 41,3 бырыһыана (4109) киһи бас билиитигэр дураһыйыыны кытта сибээстээх. Ол да буоллар, маннык хабааннаах буруй быйыл 6,1 % да буоллар аҕыйаабыта сэргэхситэр.
*Көрүҥнэринэн арааран этэр буоллахха, 1508 уоруу, 58 халааһын, 4 ороспуойдуу быһыы, 1965 түөкүннээһин уонна 109 тимир көлөнү сойботуу түбэлтэтэ тахсыбыт.
*Хомойуох иһин, оҥоһуллар буруй аҥаарын кэриэтэ, о.э. 47,6 бырыһыана Дьокуускайга тиксэр. Чопчута, 8 ый икки ардыгар хайыы үйэ 4362 буруйу оҥоруу тахсыбыта этиллэр.
*Иһитиннэрэр-телекоммуникационнай технологиялары уонна көмпүүтэр информациятын туһанан оҥоһуллубут буруй 3673 буолбут. Аҥаардас аҕыс ый иһигэр түөкүттэр угаайыларыгар өрөспүүбүлүкэ 1166 олохтооҕо киирэн биэрбит. Бу түмүгэр 555 мөлүйүөнтэн (!) тахса солкуобайдаах хоромньу тахсыбыт.
*540 экэнэмиичэскэй уонна 202 хоруупсуйа хабааннаах буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.
*Сокуону кэһэн, наркотигынан эргиниигэ сыһыаннаах 1249 буруйу оҥоруу тахсыбыт. Итинтэн 1157 түбэлтэтэ ураты ыар, улахан буруйга киирсэр эбит.
*Буруй, сокуону кэһии 15,1 бырыһыана (1409) уопсастыбаннай миэстэҕэ тахсар. Итинтэн 950 түбэлтэтэ уулуссаҕа буолбута быһаарыллыбыт.
*Оҥоһуллубут буруй үс гыммыт биирэ, ол эбэтэр 32,3 %-а арыгы иһэн баран сылдьыыттан тахсыбыт. Бу көрдөрүү иннинээҕи сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ, 9,5 бырыһыан аҕыйах.