16.10.2026 | 10:24 | Просмотров: 116

Сыаналаах арыгылааһын буолбут.

Буруйдаах тутуллубут.
Сыаналаах арыгылааһын буолбут.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга 42 саастаах эр киһи элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ чердагар киирэн, быһаҕынан сибээс кабелларын бысталаан, дьон «Ростелеком»' сибээһин туттар кыахтарын быспыт.

Бу киһи эрдэ сууттана сылдьыбыт. Алдьатан, уоран ылбыт кабелларын кини итинтэн чугас баар сыаналаах металлары тутар пууҥҥа туттарбыт. Ол харчытыгар арыгы атыыласпыт.

Хоромньу уопсай сууммата 300 тыһ. тахса солкуобай буолбут. Суут кинини уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа түөрт аҥаар сыл хаайыыга ыытар гына уураахтаабыт.

Ону таһынан «Ростелекомҥа» аҕалбыт хоромньутун толуйуохтаах. Уураах сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.