23.06.2026 | 11:24 | Просмотров: 146

СВО кыттыылаахтарыгар сири түҥэтии салгыы ыытыллар

Сэрэбиэй бэс ыйын 25 күнүгэр былааннаммыт
СВО кыттыылаахтарыгар сири түҥэтии салгыы ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар босхо бэриллэр сир учаастагын уочараттаах түҥэтии бу дьыл бэс ыйын 25 күнүгэр буолуоҕа. Бу сырыыга да Тулагы Киллэм уонна Табаҕа сиригэр-уотугар тыырыллыбыт учаастагы 50 киһи кэлэн талан ылыахтаах.

ДИЗО иһитиннэрбитинэн, сайабылыанньа суруйан, 2024 сыл балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри учуокка турбуттар ыҥырыллыбыттар. Кэлиэхтээх дьон электроннай почталарыгар ыҥырыы тиийбит буолуохтаах. Уочараты кэтэһэ сылдьар дьон почтаҕытын бэрэбиэркэлээҥ. Ону тэҥэ сайабылыанньаҕа суруйбут төлөпүөҥҥүтүгэр эрийиэхтэрэ.

Бэйэҕитин кытта пааспаргытын илдьэ кэлэҕит. СВО кыттааччытын оннугар атын чугас киһитэ кэлэр түгэнигэр , нотариуһунан бигэргэммит дэбиэринэс ирдэнэр.

Ыҥырыы туппуттары сарсыарда 09.00 чаастан саҕалаан 11.00 чааска диэри Дьокуускай куорат Октябрьскай уул. 20/1 нүөмэрдээх дьиэтигэр 3 этээскэ 303 кэбиниэккэ күүтэллэр.

Манна даҕатан, босхо сир анатарга сайабылыанньалаһа илик СВО кыттыылаахтарыгар санатар тоҕоостоох:

❗ Быйылгыттан сир учаастагын ыларга учуокка туруу электроннай өҥөтүнэн «Госуслуга» портал нөҥүө эрэ туһаныахха сөп буолбута. Онон бу сыл ыам ыйын 5 күнүттэн саҕалаан итинник докумуоннары «Е-Якутия» диэн эрэгийиэннээҕи портал нөҥүө тутуу тохтообута.

✅Ол аата, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын быһыытынан сир ыларга учуокка турар сайабылыанньаны хайаан да Судаарыстыбаннай өҥө тутаах порталын нөҥүө ыытар буолаҕыт.
Бутуллубат гына, онно киирэр сигэни бэлиэтэнэн кэбиһиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.