СВО бэтэрээнэ үрдүк үөрэхтэнэригэр көмөлөһөллөр уонна...
“Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбанай пуонда “Ростех” госкорпорациятын, Н.Э. Бауман аатынан МГТУ-ну уонна дойду билимҥэ, үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин кытта кыттыгас бырайыактарыгар олоҕуран, СВО бэтэрээннэрэ техническэй үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэргэ ирдэнэр билиини ылар туһугар анал үөрэҕи барыахтарын сөп. Олу туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.
«Ити үөрэтии үрдүк технология туттуллар тэрилтэлэригэр, ол иһигэр Ростех састаабыгар, карьера оҥосторго көмөлөһүө. Үөрэх кэмигэр бэтэрээннэр тирэх биридимиэттэргэ билиилэрин саныахтара, ылар билиилэрин чиҥэтиэхтэрэ, инженер үөрэҕин хайысхаларын билсиэхтэрэ, кэнэҕэски ылыахтаах идэлэригэр сыһыананах сүбэни-аманы ылыахтара, карьера оҥосторго анаан, былаанныыр сатабылга үөрэниэхтэрэ. Үөрэххэ киирэр сайаапканы бу дьыл ахсынньы 25 күнүгэр диэри “Аҕа дойдуну көмүскээччи” пуонда маннааҕы филиалын социальнай сүрүннээччилэрин нөҥүө туттарыахтарын сөп. Эбэтэр итии лииньийэ 117 нүөмэригэр эбии 1 сыыппараны баттаан », – диир Георгий Степанов.
Байыастарга, кинилэр дьиэ кэргэннэрин дьонугар көмөлөһүү
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр тус аадырыстаах көмөнү оҥоруу салҕанар.
Бүгүҥҥү туругунан, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 262 дьиэ кэргэнэ гаас ситимин холботууга материальнай көмөнү туһаммыт. 1168 байыас төрөппүтэ санаторий-куруорка сынньаммыт, 756 киһиэхэ байыаннай сулууспалаах эмтэнэ барарыгар материальнай көмөнү туһаммыт.
«Бэс Чагда» сонотуоруйга байыастарга уонна кинилэр төрөппүттэрэ уопсайа 6 тыһ. тахса социальнай уонна мэдиссиинэ өҥөтө оҥоһуллубут. Сэрииттэн инбэлиит буоларга күһэллибит байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин 52 киһитэ суоппар идэтигэр бэлэмнээһин бырагырааматыгар хапсыбыттар. 889 киһиэхэ дьиэҕэ тиийэн уонна стационарнай, сытан эрэ эмтэнэр, аҥаардаах социльнай өҥө оҥоһуллубут.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кииҥҥэ үлэ көрдөнөр 1726 киһи тиийэ сылдьыбыт. Ол иһигэр СВО 854 кыттыылааҕа уонна 872 кинилэр дьиэ кэргэннэрин дьоно бааллар. Кинилэртэн 300 киһини идэ биэрэр үөрэххэ ыытыллыбыт, 1106 киһи үлэнэн хааччыллыбыт.
Бу туһунан Ил Дархан уонна олохтоох Бырабыытыластыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.