СВОҕа сылдьар, госпиталга эмтэнэр, уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыастарга — бэлэх
Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга анаан, 20 туоннаттан тахса ас нобуора бэлэмнэннэ.
«Вместе к Победе!» өрөспүүбүлүкэ хамыыһыйатын Сүрүннүүр киинигэр түмэллэр.
Бэлэх нобуоругар олохтоох оҥорон таһаарааччылар 12 көрүҥ астара киирбит. Уһун болдьоххо буортуйбат астары талбыттар.
Дьокуускай волонтердара бу нобуордары ыытарга бэлэм гына таҥан, сүүмэрдээн бүтэрэн эрэллэр.
Бэлэхтэри анал байыаннай дьайыыга уонна Хабаровскай, Приморье, Амур уобалаһын, Москуба, Санкт-Петербург госпиталларыгар эмтэнэр уонна Улан Үдэҕэ реабилитациялана сылдьар биир дойдулаах байыастарбытыгар тиэрдиэхтэрэ. Уоппускаҕа кэлэ сылдьааччылар эмиэ бэйэлэрэ кэлэн ылыахтарын сөп.
Ол туһунан Хотугулуу - Илиҥҥи көмө уонна Донбаһы өйүүр пуонда бэрэстэбиитэлэ Алексей Фёдоров этэр.
Байыаннай сулууспалаахтар уомул миинин, арыылаах уомулу, сиикэйдии ыыһаммыт халбаһыны, хатарыллыбыт убаһа этин, пантыттан энергетиги, сиробу, утаҕы, барыанньаны кытта шеврон уонна төлөпүөн наклейкатын тутуохтара.
Оттон бу күннэргэ дойдуларыгар уоппускаҕа кэлэ сылдьар байыастар Сүрүннүүр киинтэн тиийэн бэлэхтэрин ылыахтарын сөп.
Киин түстэммит адырыһа: Дьокуускай к., Аммосов уул, 18 дьиэтэ.
Байыас ким буоларын кэрэһилиир докумуон уонна уоппускаҕа сылдьары көрдөрөр билиэт ирдэнэр.



