24.10.2026 | 10:30 | Просмотров: 115

СВО-ҕа өлбүт байыастар бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ босхо сир ылар бырааптаныахтара

Ол эбэтэр, “СӨ Сиргэ кодексын 20.1 уонна 20.2 ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрии” туһунан, Александр Подголов, Андрей Находкин уонна Владимир Прокопьев көҕүлээһиннэринэн оҥоһуллубут 390-7 нүөмэрдээх сокуон барылын дьокутааттар түмүктээх ааҕыыга бигэргэттилэр.
СВО-ҕа өлбүт байыастар бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ босхо сир ылар бырааптаныахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Онно этиллэринэн, анал байыаннай дьайыыгы суорума суолламмыт байыастар босхо сир учаастагын ылар бырааптаах дьиэ кэргэн чилиэннэрин кэрискэтэ кэҥээн биэрэр.

Холобур, байыас атын дьоно суох, бииргэ олорбут хаан эдьиий-быраат эрэ дьонноох буолуон сөп. Оннук түгэҥҥэ кинилэр эмиэ босхо сири ылар бырааптаналлар. Быһаарыы сурукка күн бүгүн СВО 19 кыттыылааҕыттан сайабылыанньа киирэ сытар. Сокуонунан – биэрэр, киһи быһыытынан, аккаас биэрии – уустук.

Онон боппуруоһу көрүү больоҕун уһатар мэхэньиисим киириэхтээҕэ барылга этиллэр. Ол эрээри ол 30-туу үлэ күнүнэн үстэн элбэхтэ көһөрүү бобуллуо.

Үсүһүнэн, СВО-ҕа сылдьыбыт Госгвардия үлэһиттэригэр сир ылар быраап баар, оттон ИДьМ үлэһиттэригэр, төһө да кинилэр эмиэ бойобуой дьайыы бэтэрээнэ статустаахтарын иһин, оннук быраапта суох. Инньэ гынан билиҥҥитэ 24 киһиэхэ сир анаталларыгар аккаас бэриллибит. Бу – биллэн турар сиэрэ суох.  Биир өлүүгэ сылдьан баран, ханнык биэдэмэстибэҕэ үлэлииртэн тутулуктанан, сиргэ бырааптан матыы – сыыһа. Ону тэҥэ анал байыаннай дьайыыга сылдьан баран, сулууспаттан тохтообут үлэһиттэр эмиэ ылар бырааптаныахтара.

Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.