27.10.2026 | 18:00 | Просмотров: 77

Суут үлэһит диэки буолбут

Анатолий Ильдуганов диэн Санк-Петербурга олохтоох, тэлэбиидэнньэ билим-чинчийэр институтугар элекромонтерунан үлэлиир киһи, сууттаһан 872 тыһ. солк. кэриҥэ үбү олордон ылбыт.
Суут үлэһит диэки буолбут
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Анатолий, кырдьык, 2025 сыл саҕаланыыта үлэтигэр, туох да убаастанар төрүөтэ суох, 30-40 мүнүүтэ хойутаан кэлэр эбит. Салалта, биллэн турар, хойутуур үлэһиккэ быыгабар биэрбит. Онно эбии дьыалабыай этиканы тутуспаккын, докумуоннары сыыһа харайаҕын, толоруохтаах эбээһинэскин ситэ-хото толорбоккун диэн матыыптаан, устунан үлэтиттэн уураппыт. Онуоха туран монтер суукка үҥсүү түһэрэр. Ону суут тэрилтэ үлэ дуогабарын сокуоннайа суох көтүрбүт диэн, үлэлээбэккэ олорбут кэмигэр ылбатах хамнаһын төлүүргэ, үлэтигэр, урукку дуоһунаһыгар хаттаан ыларга уураахтаабыт. Дьикти дуу? Суут тоҕо үлэһит туруорсуутун ылыммыта буолуой?

Аппеляция уонна кассация инстациялара хайалара да үлэнэн хааччыйааччы үлэһити ууратыы процедуратыгар формально сыһыаннаспытын бэлиэтээбит. Судьуйа Анатолий бу тэрилтэҕэ 4-тэн тахса сыл туох да буруйа-сэмэтэ суох үлэлээн кэлбитин, салалта ити инники өттүгэр үлэлээбит үтүөтүн учуоттаабатаҕын, хойутааһын иһин үлэттэн ууратар ыарахан накаастабыл буоларын ыйбыт. Үлэнэн хааччыйааччы ону таһынан үлэһитигэр көннөрүнэр кыаҕы биэрбэтэҕэ эмиэ сыыһанан ааҕыллыбыт. Инньэ гынан, үлэттэн тохтотор быһаарыыны сыыһа дьаһалынан аахпыттар. Гражданин бэйэтин баҕатынан буолбакка, уурайарга күһэллэн үлэлээбэтэх кэмин хамнаһын эрэ буолбакка, моральнай хоромньута диэн 20 тыһ. солк. эбии төлөтөргө уураахтаабыт. Кассационнай суут иннинээҕи быһаарыыны эмиэ, өйдөөбүккүт курдук, ылыммыт.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.