17.07.2025 | 08:57 | Просмотров: 163

Сурук киирдэ

Сурук киирдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 12 күнүгэр 1-кы Мальдаҕарга доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо личнай зачекка, дьиэ кэргэнинэн хамаанданан төрүт ох саанан ытыыга күрэхтэһии тэриллибитэ.
Бу күрэхтэһиигэ Хаҥалас улууһун ВОИ чилиэннэрэ Төхтүртэн, Ойтон, Покровскайтан, Улахан-Аантан, Булгунньахтаахтан барыта 14 киһи кытынна.
Дьиэ кэргэнинэн күрэххэ барыта 16 хамаанда күрэс былдьаста.
Аҕалаах кыыс, эһээлээх сиэн, кэргэнниилэр, убайдыы- бырааттыылар кыттан күрэхтэһиини киэргэттилэр.
Төрүт ох саанан ытыыга кыттааччы сахалыы таҥастаах, сахалыы атах таҥастаах буолара ирдэниллэр.
Күрэххэ кыттыбыттар куобаҕы, куһу, тииҥи 20 миэтэрэттэн ыттылар.


Күрэхтэһии кыайыылааҕынан буоллулар:
✅Эр дьоҥҥо
🥇Третьяков Юрий (Төхтүр). XXII
Манчаары оонньуутугар атынан сылдьан ох саанан ытыыга 3 миэстэлээх.
🥈Сидоров Петр (Булгунньахтаах)
🥉Шилов Толя (Булгунньахтаах).
Иккиэн анал байыаннай дьайыылары араас кэмҥэ ааспыт бэтэрээн уолаттарбыт.
👏🏻👏🏻👏🏻
✅Далбар хотуттарга:
🥇-Яковлева Лидия (Улахан-ан)
🥈-Колодезникова Маргарита (Булгунньахтаах), бойобуой искусстволарга,
чуолаан каратэҕа тренердээбит, ХИФУ профессора, преподаватель

🥉-Иванова Татьяна (Булгунньахтаах). Адаптивнай спорт көрүҥнэригэр көхтөөхтүк кыттар, үрдүк ситиһиилэрдээх спортсменка
✅Оҕолорго:
🥇Алексеева Карина (Булгунньахтаах)
🥇Колодезников Арсен (Булгунньахтаах)

Дьиэ кэргэн күрэҕэр
🥇 Маргарита, Кирсан
Колодезниковтар (Булгунньахтаах)
🥈  Юрий Рыгунов (Булгунньахтаах), Виталий Парфенов (Ой)
🥉Никифор, Лидия Яковлевтар
(Улахан-аан)

Абсолютнай кыайыылаах
🏆 Кирсан Колодезников (Булгунньахтаах)

Алексеева Карина, Колодезников Арсен, Софронов Сережа, Слепцов Сандал, Хоютанова Дарина,  Устинова Элеонора Андреевна анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Шилов Сеня, Хоютанова Дарина, Алексеева Карина Колодезниковтар дьиэ кэргэн "Улуу охчут" маҕаһыын сертификаттарын туттулар.
🏹🏹🏹
Элбэх оҕолоох Марина, Петр Сидоровтар дьиэ кэргэттэрэ Колодезниковтар туруорбут "Камелек" фирматтан сертификатынан наҕараадаланнылар.
🎈🎈🎈
Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутун түмэргэ көмөлөспүт Людмила Афанасьевна Потаповаҕа, итии аһылыгы тэрийбит Екатерина Егоровна Егороваҕа, Арчы дьиэтин хаһаайкатыгар Маргарита Ильинична Борисоваҕа, Анфиса Антоновна Алексееваҕа тэрээһиҥҥэ көмөҕүтүгэр махтанабыт.

Булгунньахтаах охчуттарын түмсүүтэ

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.