29.11.2025 | 15:00 | Просмотров: 135

Суоппар бырааба суох массыына ыытан иккитэ тутуллубут

Судаарыстыбаннай буруйдааччы Бүлүү оройуонуттан төрүттээх эр киһини РФ ХК 264.3 ыст. 1 ч. (тырааныспары ыытар бырааба суох массыынаны ыытыы) буруйдааһынын прокуратура өйөөтө.
Суоппар бырааба суох массыына ыытан иккитэ тутуллубут
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суут кэмигэр быһаарыллыбытынан, сууттанааччы бу иннинэ массыынаны итирик туруктаах ыытан РФ КоАП 12.8 ыст. 1 ч. административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт, массыынаны ыытар бырааба быһыллыбыт.

Оттон 2025 с. бэс ыйыгар массыынаны суоппар бырааба суох ыытан РФ КоАП 12.7 ыст. 4 ч. административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт. Ол кэннэ аны бу сыл от ыйыгар бырааба суох «Toyota Allion» мааркалаах массыына уруулугар олорбут.

Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы санаатын учуоттаан, сууттанааччыны 200 чаас булгуччулаах үлэҕэ уураахтаата, тырааныспары ыытыыга сыһыаннаах үлэҕэ быраабын 1 сыл 10 ый болдьоххо быста.

Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.