Суолга сэрэхтээх буолуҥ
Сэрэйиллибитин да курдук, бу кэмҥэ куораттааҕы Эчэйбиттэргэ көмөнү оҥорор кииҥҥэ күҥҥэ ортотунан 30 киһи көрдөрүнэ кэлбит. Эмсэҕэлээбит дьон баһыйар өттө халтарыйан сууллуу түмүгэр көмөҕө наадыйбыт.
Оттон кулун тутарга куорат травматологиятыгар 538 киһи көрдөрүммүт. Пациеннар диагностарыгар күүскэ көҕөрүүттэн, иһииттэн саҕалаан, силгэ уунуута, силгэ быстыыта, араас көрүҥ тостуу элбэх.
Биллэн турар, килэккэй, халтараан суолтан сэдиптээн суолга саахал тахсыыта да үксүүр. Ол иһин ГАИ иниспиэктэрдэрэ эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыыталлар, сэрэнэн айанныырга, болҕомтолоох буоларга сүбэлииллэр.
Манна даҕатан эттэххэ, сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 147 суол саахала тахсыбыт. Ол иһигэр 14 киһи суорума суолламмыт, 192 киһи эчэйбит.
Онон суоппардарга, дьон олоҕор кутталы үөскэппэт гына, буолаары буолан халтараан кэмҥэ, ураты болҕомтолоох буоларга, суолу туорааччылар көннөрү кэмнээҕэр бытааннарын, хааман иһэн эмискэ сууллуохтарын сөбүн учуоттуурга сүбэлииллэр.
Күн-дьыл уларыйара дөбөҥ. Билигин да эмискэ тымныйан, ириэрэн турдаҕына көҥүл. Муус устар бастакы күннэригэр сөҥүү ыйдааҕы орто нуормата бэлиэр түспүт. Уу-хаар тахсыыта да элбэх. Бу өрөбүллэргэ сөҥүү эмиэ түһүөн сөбүн күнү-дьылы кэтээн көрөр тэрилтэ иһитиннэрэр. Ол эбэтэр, хатаата да, халтарааммыт эргиллэр.
Онон сатыы дьон эмиэ уулуссаны көҥүлэ суох сирдэринэн быһыта- оһута сүүрэкэлиири тохтотуҥ, светофор күөх уота тыга илигинэ суолга киирэргэ тиэтэйимэҥ. Этэҥҥэ сылдьыҥ!
«Киин куорат» МАХ ханаалыгар суруйтар:
https://max.ru/join/qU4_ZK8_kjZplZP9p0OCty-ouzOSzBeOWvUtr2FgyIg