Суол өрөмүөнэ түүн ыытыллыахтаах дуо?
Дьон быраабын көмүскүөхтээх, бэрээдэги кэтиэхтээх, нэһилиэнньэҕэ көмө буолуохтаах полиция үлэһиттэрэ үҥсүүбун аат харата эрэ ыллылар. "Суол оӈоһуллуохтаах буоллаҕа !" – диэтилэр...
Суол оҥоһуллуохтааҕа өйдөнөр. Ол эрэн дьон утуйар уутун уйгуурдар тыастаах-уустах өрөмүөн үлэтэ дьон утуйар, сынньанар кэмигэр ыытыллыа суохтаах!
Дьокуускайга чуумпуну тутуһуу сокуона баар, бириэмэтэ барыта чопчу ыйыллан сурулла сылдьар. Тоҕо бу сокуон кэһиллэрий? Куорат олохтооҕо маннык улахан тыастан-уустан тоҕо эрэйи көрүөхтээҕий, доруобуйата эмсэҕэлиэхтээҕий, бырааба күөмчүлэниэхтээҕий? Ким бирикээһинэн, салайыытынан бу маннык үлэ барарый?
Манна даҕатан эттэххэ, саҥа дьыл иннинэ кэккэлэһэ турар хаарбах барар дьиэни көтүрэргэ үс күн устата түүн 2 чааска диэри улахан техника үлэлээн, эмиэ эрэйи көрөн турардаахпыт.
Бу сурукпар Строительнай уокурук дьаһалтата эбэтэр куорат мээрийэтэ быһаарыы биэрэрэ наадалаах диэн туруорсабын.