12.10.2026 | 09:47 | Просмотров: 77

Суобаһа суох буолуу — суут ыскаамыйатыгар тиэрдэр.

Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ РФ ИДьМ 4- с нүөмэрдээх «Якутское» отделын полицияларын кытта хас да буруйу оһорууга уорбаланар бөлөҕү туппуттар.
Суобаһа суох буолуу — суут ыскаамыйатыгар тиэрдэр.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэрээдэги араҥаччылааччылар анаан- минээн уорар- халыыр адьынаттаах 4 эдэр киһини туппуттар. Уорбаланааччылар букатын эдэр дьон: 22--25 саастаахтар. Бөлөҕүнэн — ол эбэтэр, төрдүө буолан — дьарыктаналлар эбит. Олохторо алдьаннаҕа ити.

Уолаттар эрдэ саататар-аралдьытар түүҥҥү тэрилтэлэргэ охранаҕа үлэлээбиттэр. Кинилэр эрдэттэн былааннаан дьаһаналлар эбит. Кулуупка баар итирик дьонтон сиэртибэлэрин талан, бастаан боруок көрдөөн, мөккүөрү күөдьүтэллэр. Ол кэнниттэн күүстэринэн баһыйан, харчыларын, сыаналаах малларын уораллара, былдьыыллара этиллэр. Холобур биирдэ баар аттынан ааһан иһэр холуочук киһини тохтоппуттар. Эмсэҕэлээччи быһаарбытынан, кини сүүһүгэр бистэлиэт курдугунан тирээн туран, харчы ирдээбиттэр. Анараа киһи өлүө дуу, быстыа дуу, 10 тыһ. солкуобайдааҕын халабырдьыттарга биэрэригэр тиийбит.

Оттон биир түгэҥҥэ кырбаары ыксатан, 12 тыһ. солк. былдьаабыттар. Ону таһынан суукканан уларсар кыбартыыраттан тэлэбиисэри сойбоппуттар.

Инньэ гынан, билиҥҥитэ быһаарыллыбытынан, күүстэринэн былдьаабыттарын суумата 52 тыһ. солк. буолбут.

Полициялар уорбаланааччылар кимнээх буолалларын быһааран, олорор сирдэриттэн тутаттаабыттар. Ол туталларыгар кинилэр дьиэлэриттэн быһаҕы, перецтээх баллончигы, пневматическай бистэлиэти уонна маркетплейстан сакаастаан ылбыт быраабы араҥаччылыыр үлэһит сымыйа дастабырыанньатын булбуттар.

РФ УК 162 ыст. 2 ч. уонна 158 ыст. 2 ч «в» пуунунан, уорбаланааччыларга икки холуобунай дьыала көбүтүллүбүт. Билигин үс уолу хаайбыттар, биирдэрин куораттан тахсыбаккын диэн ыйаахтаан, дьиэтигэр ыыппыттар.

Сэлиэстийэ салҕанар, бу дьонтон эмсэҕэлээбит өссө атын дьон баар буолуон сөп. Ону эмиэ болҕомтоҕо ылан, көрдүүллэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.