22.01.2026 | 10:34 | Просмотров: 137

Сунтаар улууһун баһылыктара сыананы быһар кэмитиэт салайааччыларын кытта көрүстүлэр

Саха сирин олохтоохторо "ДЭК" ПАУо тэрилтэтигэр 28 млрд солк. иэстээхтэр.
Сунтаар улууһун баһылыктара сыананы быһар кэмитиэт салайааччыларын кытта көрүстүлэр
Ааптар: Ньургуйаана Григорьева
Хаартыска: Николай Егоров
Бөлөххө киир

Маннык хааччах хонтуруоллуур уонна уот энергиятын кэмчилиир туһугар киирбит диэн сыаналыахха сөп. Ол эрээри, атын альтернативата суох, күһэллии күүһүнэн уоту күүскэ туһанан олорор Сунтаар, Ньурба улуустара тоҕо мантан эмсэҕэлиэхтээхтэрий?

Сыананы быһар кэмитиэт тутаах үлэһиттэрин тылларын-өстөрүн иһиттэххэ, сөптөөх дьаһал тахсыбыт. Кинилэр этэллэринэн, хас биирдии ыал дьиэтин сөпкө өрөмүөннээн, сылааһы куоттарыа суохтаах, маны тэҥэ оһоҕу оттон көмөлөһүннэрэргэ күһэйэллэр. Билигин биир массыына саһаан мас сыаната 25-30 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Манна даҕатан эттэххэ, билиҥҥи үйэттэн уруккуга төннөн, оһоҕу күүскэ оттон олорорбутугар тиийэбит. Маныаха оһоҕу сатаан оттор кыаҕа суох соҕотох олорор кырдьаҕас, кыаммат, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон хайдах буоларый?

Чэпчэтиилээх тарыыбынан үстэн элбэх оҕолоох дьон толору туһанар. Маны тэнэ, уот төлөбүрэ ыйдааҕы хамнастан 15% элбэх буоллаҕына, аадырыстаах көмөҕө сайабылыанньа биэриэххэ сөп. Биир өрүтүнэн, нэһилиэнньэ ый ахсын 20-25 күннэргэ уот көрдөрүүтүн хайаан да биэриэн наада. Эбэһээт хонтуораҕа тиийбэккэ, олус судургутук "ДЭК ЯКУТИЯ" о.д.а. сыһыарыыны хачайдаан, бу нөҥүө счетчик көрдөрүүтүн тиксэриэххэ сөп. Бу быраабыланы үөрүйэххэ кубулутан, биир да күнү көтүппэккэ, төһө уот туһаныллыбытын отчуоттуур ордук.

Улуус дьаһалтата, дьокутааттар сэбиэттэрэ бу боппуруоһу хаалларан кэбиспэккэ, нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун туһугар, бу сокуон уларытыытыгар, диапазон хааччаҕын үрдэтиигэ салгыы үлэлиэхтэрэ. Билигин дьон аймалҕана, нэһилиэнньэ долгуйуута дойду бэрэсидьиэнин дьаһалтатыгар тиийдэ. Онон сөптөөх быһаарыныы ылыныллыа диэн күүскэ эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өймөкөөҥҥө айантан санаалар
Сынньалаңңа | 13.08.2026 | 13:58
Өймөкөөҥҥө айантан санаалар
(Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
Дьааҥыларга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөһөр
Сонуннар | 07.08.2026 | 19:00
Дьааҥыларга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөһөр
Халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Дьааҥы улууһугар билигин Саха сирин бары улуустара, ону тэҥэ Дьокуускай куорат үгүс тэрилтэлэрэ көмөлөһөн эрэллэр.
Унтууну хайдах талабыт?
Тускар туһан | 11.08.2026 | 09:00
Унтууну хайдах талабыт?
Иистэнньэҥ Виктория Семенова унтууну хайдах таларга, харайарга сүбэлэрин "Киин куорат" ааҕааччыларыгар таһаарабыт.
Босхо куруһуоктарга суруйтарар кэм чугаһаата
Сонуннар | 07.08.2026 | 13:22
Босхо куруһуоктарга суруйтарар кэм чугаһаата
Сотору кэминэн “Навигатор” нөҥүө куруһуоктарга суруйтарыы саҕаланыаҕа. Дьокуускай үгүс төрөппүтэ Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар баар босхо куруһуоктарга талаһар.