Сулустар тугу сүбэлиир эбиттэрий?
Уопсай билгэттэн саҕалыыр буоллахха, көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт дьоҥҥун кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэргэ, айар үлэнэн дьарыктанарга уонна урукку дьыалалары түмүктүүргэ үчүгэй күн. Ол эрээри, бэйэмсэх буолумуохха уонна чугас дьоннуун тыл-тылга киирсибэт буолууттан сэрэниэххэ наада.
♈ Хой.
Күүрээннээх үлэ үөһүгэр сылдьар күнүҥ. Тохтоон хаалбакка, былааннаабыт дьыалаҕын толорон тэйэр гына, инниҥ диэки баран ис.
♉ Оҕус.
Харчыгын суоттаан-учуоттаан тутун. Бэйэ ис күүһүн, кыаҕын харыстаан, сэрэнэ соҕус үлэлээ. Туһата суох улахан атыыны-тутууну ыытары тохтотор ордук.
♊ Игирэлэр.
Саҥа билиини-көрүүнү сомсорго, саҥа сатабылы баһылыырга бэртээхэй күн. Кэпсэтии-ипсэтии элбииһи. Ити гынан баран, сыыһа-халты саҥаран, дьону өһүргэппэт, хомоппот гына, тылгын-өскүн кыатана тутарыҥ ордук.
♋ Араак.
Тус олоххор уонна дьиэ кэргэҥҥэр кырата суох уларыйыы тахсыан сөп. Санааҕын ууран ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиилээхтик түмүктэниэ.
♌ Хахай.
Иэйии-санаа көтөҕүллэр, айар үлэҕэ ситиһиилэнэр күн. Тулалыыр дьону кытта сыһыаҥҥа бэйэмсэхтэнимэ, сыыһа өйдөһүү тахсыан сөп. Сыалыһар быарыныы сымнаа, холку буол.
♍ Кыыс Куо.
Бу субуотаны чугас дьонуҥ ортотугар сылдьан, дьиэ кэргэҥҥэр аныырыҥ ордук. Иһирэх кэпсэтии уонна уоскулаҥ сир эн туруккун биллэ тупсарыа.
♎ Ыйааһын.
Олоххор туох эмэ үчүгэйи, үйэлээҕи киллэрэ сатаа, табыллыа. Сөптөөх быһаарыныыны ылынарга ис таайан көрөр дьоҕуруҥ этиитин иһиллэнэн көр. Айылҕаҕа сылдьыы туһалыа.
♏ Скорпион.
Эрдэ былааннаан баран, соло-билэ булан, олоххо киллэрбэккэ сылдьар дьарыккар ылыс. Таптал, ыкса сыһыан чааһыгар курас салгын сатыылаабыта тохтуо. Эйэргэһиэххин эрэ наада.
♐ Охчут.
Эрдэ саҕалаабыт, ситэриллибэккэ хаалбыт дьыалаларгын ситэрэргэ, түмүктүүргэ анаммыт күн. Тулуурдаах буолуу уонна сыалгын чуолкайдык көрүүҥ, чопчулаан биэрииҥ онно туһалыахтара.
♑ Козерог.
Үлэҕэ уонна карьераҕа сыһыаннаах чопчу, ымпыгар-чымпыгар диэри толкауйдаммыт былааны торумнаа. Киэһэлик балачча эйигин күүттэрбит үчүгэй сонуну истэр чинчилээххин.
♒ Күрүлгэн.
Таһыччы уларытыылары киллэрэргэ табыгастаах уонна тулаҕын саҥалыы хараҕынан көрөр кэм. Чугас дьоҥҥун кытта уопсай тылы кэбэҕэстик булуоҥ.
♓ Балыктар.
Түүлгэр уонна тастан “кэлэр”, санатар бэлиэлэргэ болҕомтолоох буол. Иччилээх түүллэри көрүөххүн сөп. Уһун кэми хабар баараҕай бырайыактары бакаа саҕалыырга тиэтэйимэ. Астына сынньан.