Сулустар сүбэлииллэр.
♈️ Хой.
Энергияҥ бычыахтаан олорор. Ол эрээри ону туһалаах дьыалаҕа (холобура, дьиэ хомуйуутугар) аныыр ордук. Дьиэ кэргэҥҥэр эбэтэр үлэҕэр иирсээни күөртээмэ. Сымнаа.
♉️ Оҕус.
Бүгүн ис таайан көрөр дьоҕургар эрэн. Сыыһыаҥ суоҕа. Дьоҥҥо аһаҕас буол, туох эмэ уустук боппуруос баар буоллаҕына да, кэпсэтии түмүгэр этэҥҥэ быһаарыллыа.
♊️ Игирэлэр.
Киэһэлик соһуччу соҕус киирбит этии, саҥа былаан дуу олоххор үгүс уларытыыны киллэриэн сөп. Уруккуттан тугу эрэ этиэххин баҕара- баҕара тохтуу сылдьыбыттаах буоллаххына, бүгүн хорсуннук этэр күнүҥ.
♋️ Араак.
Ааспыт бириэмэттэн, урукку доҕоргуттан сонун кэлиэн сөп. Киэһэни чуумпутук, чугас дьону кытта дуу, эбэтэр бэйэҥ соҕотох сынньанан атаарарыҥ ордук.
♌️ Хахай.
Дьону өйдүү уонна өйүү сатаа. Ким эмэ уустук кэмҥэ сылдьар буоллаҕына, көмөлөс, онтуҥ үөрүү уонна махтал буолан, бэйэҕэр улаатан эргиллиэ.
♍️ Кыыс Куо.
Оҥоруохтаах үлэҥ олус элбэх. Ол иһин саамай туһалааҕын эрэ талан оҥор, атынын кэлэр нэдиэлэҕэ хааллар. Улахан ороскуоттан туттун.
♎️ Ыйааһын.
Туох эмэ быһаарыныы ылынаргар атыттар сүбэлэрин буолбакка, бэйэ күүһүгэр, кыаҕар эрэммит ордук буолуоҕа. Сүрэххин иһит, кини бүгүн сыыһыа суоҕа.
♏️ Скорпион.
Бүгүн интуицияҥ ураты күүстээх. Уруккуттан мунаахсыйбыт боппуруоһуҥ, ким эрэ кистэлэҥэ бүгүн алҕас арыллан хаалан, кэбэҕэстик быһаарыллыа.
♐️ Охчут.
Уруккуттан былааннаабыт суолталаах дьыаланы саҕалыырга үчүгэй күн. Ол эрээри үп-харчы өттүгэр сэрэхтээх буол. Билбэт дьоҥҥор олус эрэнимэ.
♑️ Чубуку.
Үлэҕэ-хамнаска, хорсун былааннары олоххо киллэрэргэ балай эмэ ситиһиилэнэр күн. Эрэллээх дьоннуун кэпсэтии табыллыа. Барыта чопчу уонна дьэҥкэ буоларын курдук дьаһан.
♒️ Күрүлгэн.
Бүгүн элбэх сонуну, иһитиннэрии эгэлгэтин истиэҥ. Санааҕын ыспакка, саамай туһалааҕа уонна сүрүнэ диэбиккэр эрэ ылса сатаа.
♓️ Балыктар.
Ый эһиги бэлиэҕитигэр баар, ол иһин, чуолаан ис санааҕын, таайан көрөр сатабылгын иһит. Айар кут уһуктар, дьону кытта уопсай тыл холкутук көстөр чэппиэрэ. Сүрүнэ, тулуурдаах буолуу ирдэниэ.