20.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 199

Сулустар сүбэлииллэр.

Алтынньы 20 күнүнээҕи гороскоп.
Сулустар сүбэлииллэр.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күн Ый Күрүлгэн бэлиэтигэр ыалдьыттыыр. Күн бастакы аҥаара кэпсэтии ыытарга табыгастаах. Киэһэлик сылайа быһыытыйыахха сөп.

♈️ Хой.

Күөн көрсүһүү, күрэстэһии улаатар күнэ. Күн бастакы аҥаарыгар соһумар сонун этии киириэн сөп. Ол эрээри тута эппиэттээмэ, киэһээҥҥигэ диэри тохтоон, толкуйдан. Мөкү өрүттэргин кыана туттаххына, ситиһиилэниэҥ.

♉️ Оҕус.

Харчы боппуруоһугар ис таайан көрөр дьоҕургар эрэн. Санааргыыр эбэтэр саарбахтыыр малгын-салгын ылыныыны атын күҥҥэ көһөр. Сэрэхтээх буол, туох эмэ суолталааҕы хос-хос бэрийэн бэрэбиэркэлээ.

♊️ Игирэлэр.

Бу күн элбэх кэпсэтии-ипсэтии тахсыаҕа. Күүскүн ыһан кэбиспэккэ, биир саамай суолталаах соругу талан, онно үлэлэс. Айаҥҥа уонна сибээскэ кыра мэһэйдэр тахсыахтарын сөп.

♋️ Араак.

Дьиэҕин-уоккун көрүн, хомуна түс. Дьиэтээҕи боростуой үлэлэр күдээринэ кэпсэтииттэн ордук дуоһуйууну, уоскулаҥы аҕалыахтара. Тулалыыр эйгэ уратыларын уонна дьон интэриэһин учуоттаан хамсан, дьаһан.

♌️ Хахай.

Бу күн дьон хараҕар көстүбэккэ, күлүккэ сылдьа сатаа. Санааҕын сааһылан, бүөмнээн толкуйдан, оччоҕо ол санааҥ туһааннаах кэмигэр тиллэн тахсыа.

♍️ Кыыс Куо.

Докумуоннары бэрэбиэркэлииргэ уонна уруккуттан тардылла сылдьыбыт кыра кыһалҕалары, «кутуруктары» түмүктүүргэ саамай үчүгэй кэм. Айан суолугар уонна үлэҕэ эмискэ  уларыйыы тахсыан сөп.

♎️ Ыйааһын.

Икки суолтан биирин талыы кыһалҕата үөскээтэҕинэ, быһаарыныыгын киэһэ, өйүҥ-санааҥ уоскуйбутун кэннэ ылын. Айар үлэҕэ уонна үлэ-хамнас уларыйыытыгар саҥа кыах арыллар чинчилээх.

♏️ Ооҕуй.

Дьон дьыалатыгар кытыһыма, туора соҕус сырыт, оччоҕо эрэ күнүҥ холкутук ааһыа. Куһаҕан, туораттан кутуллар хоп-сип тыллартан тэйиччи сырыт. Киэһэтин чугас дьонуҥ кытта өйдөһүү уонна сылаас сыһыан олохтонуо.

♐️ Охчут.

Суолгун кыратык уларытыы эбэтэр саҥа кинигэни ааҕыы эйиэхэ саҥа күүһү-уоҕу уонна эниэргийэни биэриэ. Айан суолугар уонна техническэй өттүгэр соһумар мэһэйдэр үөскүөхтэрин сөп, сэрэхтээх буол.

♑️ Чубуку.

Дьон туһунан маҥнайгы көрүү албын буолуон сөп. Быһыы-майгы тупсуутугар уонна дьону сыаналыырга бириэмэтэ биэр. Саҥа партнердары кытта кэпсэтэргэ уонна дьыалабыай сыһыаны олохтуурга табыгастаах күн.

♒️ Күрүлгэн.

Интэриниэт ситимигэр боростуой кэпсэтии өр уонна уруккуттан көрдөөбүт саҥа идеяны буларгар көмөлөһүө. Тас дьүһүҥҥүн уонна дьарыккын уларытыаххын баҕарыаҥ. Аһылыккар болҕой.

♓️ Балыктар.

Бу күн көрсүһүү уонна соһуччу көрсүһүүлэр элбиэх курдуктар. Кыалларынан сынньан, кыаҕыҥ таһынан улаханы эрэннэримэ. Хаарыан күүскүн саарбах дьыалаҕа ыһыма — күүскүн-кыаххын сарсыҥҥыга харыстаа.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.