Сулустар сүбэлииллэр
♈ Хой.
Бүгүн уустук боппуруостары быһаарарга олус табыгастаах күн. Эһиги күүскүт-уохкут таһыччы буолан, туруоруммут сыалгытын ситиһэр кыахтааххыт. Чугас дьоҥҥутун кытта тыл тылга киирсибэт буолартан сэрэниҥ.
♉ Оҕус.
Үп-харчы чааһыгар ураты болҕомтолоох буолуҥ. Туһата суох ороскуоттан туттунар ордук. Киэһэнү дьиэ кэргэҥҥитигэр эбэтэр бэйэҕит сынньалаҥҥытыгар аныаххытын сөп.
♊ Игирэлэр.
Саҥа билсиһиигэ уонна кэпсэтии ыытарга бэрт ситиһиилээх күн буолуоҕа. Санааҕытын аһаҕастык этиҥ, дьон эһигини истэргэ бэлэм. Доруобуйаҕытын көрүнүҥ, элбэхтик салгыҥҥа сылдьыҥ.
♋ Араак.
Чочумча иһийэ түһэн, бэйэни иһиллэнэ, сааһылана түһэргэ тоҕоостоох күн. Эһиэхэ үлэ күнэ буоллаҕына, улахан уларыйыыны, сонуну киллэрэ сатаамаҥ. Сүрүн эбээһинэстэргин кыһамньылаахтык толор да, бүттэ.
♌ Хахай.
Лииджр буолар кыаххыт улаатыа. Үлэҕэ эбэтэр олоххо эһиги этиигитин үрдүктүк сыаналыахтара. Өр иитиэхтээбит былааны олоххо киллэрэргэ уолдьаста.
♍ Кыыс.
Күннээҕи кыра, атах- бытах үлэ элбэх буолсу. Ол эрээри чопчу былаан оҥостон дьаһаннаххытына, барытын ситиһэр кыахтааххыт. Киэһэ бэйэҕит сөбүлүүр дьарыккытынан (хобби) аралдьыйыҥ.
♎ Ыйааһын.
Ураты айар куттаах дьоҥҥо таһаарыылаах күн буолсу. Саҥа идиэйэлэр киириэхтэрэ. Айан- сырыы уонна эбии билиини сомсуу бэркэ ааһыаҕа. Бу күн кууруска, эбии үөрэххэ сылдьыы туһалыа.
♏ Скорпион.
Ис таайан көрөр дьоҕургун иһиллэн. Эһиэхэ сөптөөх суолу буларгытыгар ити ордук көмөлөһүө. Харчы чааһыгар сэрэхтээх буол. Айылҕаҕа тахсан сынньаныҥ, салныҥҥа дьаарбайыҥ.
🏹 Охчут.
Доҕотторгутун уонна аймах-уруу дьону кытта сибээскит күүһүрүүһү. Бииргэ үлэлэһии, кыттыһан дьарыктаныы үтүө түмүктээх буолуоҕа. Таптал чааһыгар истиҥ, иһирэх кэпсэтии тахсыах курдук.
♑ Чубуку.
Үлэ күнэ эбитэ буоллар, сүүнэ ситиһии кыаллыа эбит. Онон субуотаҕа үлэлээччилэр табыллыаххыт. Салайааччыгыт эһиги кыһамньыгытын бэлиэтэниэ. Ол да буоллар, доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьыҥ, түбүк быыһыгар сынньалаҥ эмиэ наадатын умнумаҥ.
♒ Күрүлгэн.
Саҥа саҕах арыллар, бэлиэ түгэн тосхойор кэмэ субу чугаһаата. Олоҕу букатын атын хараҕынан көрөргө уолдьаста. Доҕотторгутун кытта көрсүһүҥ, өй-санаа өттүнэн сынньаныаххыт.
♓ Балыктар.
Дьиэ ис-тас өттүн бэрээдэктииргэ табыгастаах күн. Чугас дьоҥҥутугар көмө, өйөбүл буолуҥ. Кинилэр ис сүрэхтэн тахсар махталлара эһиэхэ күүһү-уоҕу уонна сырдык санааны угуоҕа.