Сулустар сүбэлэрин билис.
♈ Хой.
Коммерция уонна эргиэн өттүгэр сэрэхтээх буол. Олоҕу биллэ- көстө уларытартан, уолҕамдьы быһыыттан, бэл, улахан атыыттан- кутууттан туттуна түс. Чугас дьонуҥ саҥатыгар киирэн биэримэ.
♉ Оҕус.
Бу күнү дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоох буоллаххына оҕоҕор уонна дьиэ-уот түбүгүн үмүрүтэргэ анаа. Барыһы- ночооту сатаан ааҕа, былаанныы үөрэн. Доҕотторуҥ сүбэлэрэ көмөлөһүө.
♊ Игирэлэр.
Туһата суох уонна эргэрбит малтан-салтан босхолонорго олус табыгастаах күн. Санааҕын да ыраастан. Олоххун уларытар бастакы хардыыны оҥороргор сөптөөх күн. Сулустар эйиэхэ ситиһиини түстүүллэр.
♋ Араак.
Үлэҕэ түбүк- садьык элбэх, сөбүгэр уустук күн буолсу. Ол эрээри, саҥалыы көрүү уонна баай фантазияҥ уустук боппуруостары уратытык быһаарарга көмөлөһүөхтэрэ. Бэйэҥ күүскэр эрэн, ситиһиилэниэҥ.
♌ Хахай.
Наһаа күүскэ үлэлээн, бэйэни сылаппат ордук. Бу күнү таптыыр киһигэр, доҕотторгор эбэтэр бэйэ сынньалаҥар аныыр ордук. Харчыны суоттаан- учуоттаан туттуу эрэйиллэр.
♍ Кыыс Куо.
Саҥаны саҕалыыр, өрдөөҕүттэн былааннаабыты олоххо киллэрэр кэм кэллэ. Сыал- сорук туолуохтаах. Ол эрээри доруобуйаны көрүнэри, кэмигэр сынньанары да умнума.
♎ Ыйааһын.
Олоххо тус бэйэ уонна үлэ интэриэһин дьүөрэлии тутар күн. Эн дьыалаҕар сиэри таһынан орооһор дьонтон тэйиччи сырыт. Үчүгэй сонуну истиэх курдуккун. Өрөй-чөрөй.
♏ Скорпион.
Саҥа дуогабары, контрагы түһэрсиини, уопсайынан кумааҕы- докумуон дьыалатын атын күннэргэ көһөрөрүҥ ордук. Бүгүн бэйэҕэр дуоһуйууну, дьолу аҕалар дьыалаларынан эрэ дьарыктан. Үлэҕэр соһуччу сорудах киириэн сөп.
♐ Охчут.
Күүс-уох үгүөрү, сэниэ- нэгир да үрдүк буолсу Сүрэҕиҥ тугу этэринэн салайтар. Сөбүлүүр дьарыккар ылыс. Болҕомтоҕун, кыһамньыгын чугас дьоҥҥор уур. Өр быһаарыллыбатах кыһалҕаны кыайа тутар кыахтаныаҥ, сулустар — эн диэкилэр.
♑ Чубуку.
Баар чахчыга, дьиҥ баарга эрэ эрэнэ үөрэн. Үп- харчы чааһыгар уһун кэми хабар былааны торумнаа. Бу күн ураты саҥа санаа, бэрт идиэйэ киирэр күнэ. Ону таһынан ыытан кэбиһимэ.
♒ Күрүлгэн.
Сарсыарда өттүгэр атыы-тутуу, дьыаланы- куолуну быһаарыы табыллыа. Күн иккис аҥарыгар сыыһа-халта туттуу тахсыан сөп. Онон ураты болҕомтолоох буол.
♓ Балыктар.
Доруобуйа, эт-сиин туругун көрүнэ сырыт. Хроническай ыарыы көбөн кэлиэн сөбун умнума. Харыстан. Сүрэҕиҥ тугу этэрин иһит. Чугас дьонуҥ, саҥа билсэр дьонуҥ да өйдүөхтэрэ, өйүөхтэрэ.