24.10.2026 | 11:43 | Просмотров: 164

Сулустар сүбэлэрэ

Алтынньы 24 күнүнээҕи гороскоп.
Сулустар сүбэлэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

♈ Хой.

Спордунан дьарыктанарга, эти- сиини эрчийэргэ, быһата, көхтөөх сынньалаҥҥа уонна доҕоттору көрсөргө үчүгэй күн. Тобуллаҕас толкуйуҥ туох эмэ уустук боппуруоһу быһаарарга көмөлөһүө.

♉Оҕус.

Дьиэтээҕи түбүккэ- садьыкка болҕой. Балаһыанньаны хайдах баарынан ылынар уонна ону тупсарар гына, киһи бэйэтэ хамсаныахтааҕын умнума. Холкутуй уонна инниҥ диэки чаҕыйбакка түһүн. Кыаллыа.

♊Игирэлэр.

Сэргэх кэпсэтии, соһуччу ыҥырыы, саҥа билсиһии дэлэй күнэ. Ити сылдьан кимиэхэ да туолбаты, кыаллыбаты эрэннэримэ. Аатыҥ- суолуҥ ыраас сырыттын.

♋Араак.

Чуумпуру, дьиэтээҕи сылаас эйгэ уонна чугас дьоннуун алтыһыыны эйиэхэ наада. Ардыгар олох ыксал- тиэтэл тэтимиттэн тэйэ, холкутуйа түһүү сөптөөх.

♌Хахай.

Дьон болҕомтотун киигэтигэр түбэһэр кыахтааххын. Сүрүнэ, кыаҕы таһынан сананыма, кыахтаах буолан көстөөрү харчынан ыһыахтаныма.

♍Кыыс Куо.

Мунньуллубут үлэни, дьыаланы быһаарсар баҕа улахан. Ол эрээри төһө да туттунарыҥ судургута суоҕун иһин, мөккүһэн, өрөлөһөн турар санааны ыраах кыйдаа. Түбүк быыһыгар да сынньана түс.

♎Ыйааһын.

Тус олоххо сыһыан инники күөҥҥэ тахсыыһы. Төһө да салла, сээбэҥнии санаабытыҥ иһин, холкутук кэпсэтии туһалыа. Барыта санааҥ иһинэн табыллыа.

♏ Скорпион.

Бэйэҕин бэйэҥ көҕүлүүр, саҥаны саҕалыыр кэмиҥ иһэр. Эбээһинэскэр сыһыаннаах туох эрэ сонун этии киириэн, кэскиллээх суол аһыллыан сөп.

♐Охчут.

Бу күн өйүҥ ууһун, барыны билэр, уопуттаах киһи быһыытынан көрдөрөр кыахтааххыт. Эргэ дьыалалары түмүктүүргэ тоҕоостоох кэм.

♑Чубуку.

Тулалыыр эйгэҕин, дьиэҥ ис бараанын уларытар, саҥардар эбэтэр тулаҕын бэрээдэктиио, ыраастыыр санаа киириэ. Ону мүлчү тутума. Ол эн ис туруккун эмиэ сааһыланаргар көмөлөһүө.

♒ Күрүлгэн.

Бу күн эһиэхэ өйдөөх, дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтиилэри өйдөөх, толкуйдаах дьоннуун ыытаргыт ордук көдьүүстээх буолуоҕа.

♓ Балыктар.

Бу күнү үп-харчы, айан-сырыв эбэтэр кэлэр кэми былаанныырга аныыр ордук.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.