23.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 148

Сулустар сүбэлэрэ

Алтынньы 23 күнүнээҕи гороскоп.
Сулустар сүбэлэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

♈️ Хой.

Бу күн уларыйыылары аҕалыан сөп. Өйдөспөт быһыыны бүгүн быһаара сатыыр туһата суох. Иирсээҥҥэ тиийимэ. Сымнаа, холкуй.

♉️ Оҕус.

Харчы чааһыгар үтүөкэн күн. Атын дьон кыайан булан көрбөтүн сатаан көрөр дьоҕуруҥ онуоха көмөлөһүө. Киэһэҕин дьиэҥ дьонун кытта атаар.

♊️ Игирэлэр.

Бэртээхэй бээтинсэ буолсу. Алтыһыы элбэх күнэ. Сүрүнэ, үпкэ- харчыга сыһыаннаах докумуоҥҥа, кэпсэтиигэ ураты болҕомтоҕун уур.

♋️ Араак.

Түбүк- садьык үгүс курдук көстүөн сөп. Сылайбат гына, сынньалаҥы, үлэни тэҥиҥэн алтыһыннардаххына, элбэҕи ситиһиэҥ. Доруобуйа этэҥҥэ.

♌️ Хахай.

Үлэни- хамнаһы холкутук быһааран, астыныаҥ. Ситиһиилээх күн. Киэһэни чугас дьоҥҥун кытта атаар.

♍️ Кыыс Куо.

Урукку кыһалҕалары быһаарарга уонна үтүө дьыаланы оҥорорго тоҕоостоох күн. Доҕотторгун кытта көрүс, аралдьый, сэргэхсий.

♎️ Ыйааһын.

Үпкэ- харчыга сыһыаннаах докумуоҥҥа илии баттаабат ордук. Эбиэт кэннэ сэниэ- күүс мөлтөөбүт курдук буолуон сөп. Киэһэтин чуумпуга сынньан.

♏️ Скорпион.

Күн эниэргийэтэ уларыйар — иэйии уһуктар уонна ис таайан көрөр дьоҕур күүһүрэр кэмэ. Уустук соругу толорорго табыгастаах күн.

♐️ Охчут.

Саҥаны билиэх-көрүөх баҕа уонна көҥүл көтөр санааҥ күүһүрүөн сөп. Алтыһарга , доҕоттордуун бэртээхэй күн. Айан да табыллыа.

♑️ Чубуку.

Тохтуу түһэн, урут оҥорбут үлэҥ түмүгүн көрөргө, ырытарга барсар күн. Дьоҥҥун кытта кэпсэтэ сырыт. Улахан атыыттан туттун.

♒️ Күрүлгэн.

Сонун санаа, ураты толкуй киириэ уонна күннээҕи бытархай кыһалҕаны быһаарыыга күнүҥ биллибэккэ ааһыа. Аскар болҕой.

♓️ Балыктар.

Сынньанар уонна күүс-уох мунньунар күн. Түргэн быһаарыыны ылыныма, ис таайан көрөр дьоҕургун иһит. Тапталлааххын кытта эйэргэс.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп