Сулустар сүбэлэрэ
♈ Хой.
Бу нэдиэлэҕэ доруобуйаҕын, уопсай туруккун көрүнэ сырыт. Туох эмэ улахан дьыалаҕа быһаарынарга тус бэйэҥ күүскэр эрэ эрэн. Ыксаабакка, барытын үчүгэйдик толкуйдаан дьаһан.
♉ Оҕус.
Чугас дьону кытта сыһыаны тупсарарга, урукку өйдөспөт түгэннэри быһаарарга ааттаах үчүгэй кэм үүннэ. Үлэҕэ табыллар кэм буолан, элбэҕи ситиһиэҥ. Дьиэ-уот кыһалҕатын этэҥҥэ быһаарыаҥ.
♊ Игирэлэр.
Бириэмэни сөпкө туһанҥаххына, түбүктээх үлэттэн үгүһү ситиһиэҥ. Барытын былааннаан дьаһан. Сурук-докумуон үлэтигэр болҕомтолоох буол.
♋ Араак.
Дьиэлээхтэргэр, чугас дьоҥҥор инники былааннаргын кэпсээ. Барытын бэйэ күүһүнэн быһаара сатыыр уустук, көмө мэһэйдиэ суоҕа.
♌ Хахай.
Үлэҕэр уонна тус олоххор туох эрэ кыра уларыйыылар күүтэллэр. Суолталаах быһаарыныыны ылынарга ыксаама. Күннээҕи олоҕурбут үлэнэн дьарыктанарга үтүө кэм.
♍ Кыыс Куо.
Бу нэдиэлэ бэрээдэги, чуолкай буолууну, ыраастык туттууну уонна доруобуйаҕа болҕомтону ирдиир. Ыра санааны сааһылаан, олоҕуҥ сүрүн сыалын толорорго олус табыгастаах кэм тосхойдо.
♎ Ыйааһын.
Сөптөөх суолу тутуһан, тустаах кэмигэр ситиһиилэнэн тэйиэҥ. Ким эрэ эйигин сөҕө-махтайа көрөрүн биллэриэ. Үп-харчы өттүнэн балаһыанньаҕын тупсараргар ураты көрүүҥ көмөлөһүө.
♏ Ооҕуй.
Уруккунунан олорор туһата суох, инники кэскилгин оҥостор уонна былаанныыр ордук буолуо. Олоххор улахан уларыйыы күүтэр, ол барыта үчүгэйгэ буоларыгар эрэн.
♐ Охчут.
Чугас доҕотторгор эн сүбэҥ олус туһалаах буолуоҕа. Үөрэххэ, үлэҕэ табыллыы күүтэр, ол эрээри харчыгын харыстаан тутун, мээнэ матайдаама.
♑ Чубуку.
Бу күннэргэ ыраах айанныаххын сөп. Саҥа билсиһии, кэскиллээх кэпсэтии күүтэр. Дьон сүбэтин иһит, ис таайан көрөр дьоҕуруҥ элбэхтэн туһалааҕын таларга көмөлөһүө.
♒ Күрүлгэн.
Харчыттан сылтаан доҕоттору кытта тыҥааһыннаах сыһыан үөскүөн сөп. Онон кыттыгас биисинэс туһунан толкуйдаабатаҕыҥ ордук. Айар үлэнэн дьарыктанар баҕа күүһүрүө.
♓ Балыктар.
Олоххо көрүүгүн арыый уларытан, буола турар быһыыны-майгыны холкутук ылынарыҥ наада. Сулумах балыктары саҥа кэрэ билсиһии күүтэр чинчилээх.