13.10.2026 | 07:20 | Просмотров: 257

Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.

Алтынньы 13 күнүнээҕи гороскоп.
Сулустар кимиэхэ, тугу сүбэлииллэрин билсиэҕиҥ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

♈ Хой.

Сарсыардаттан күүс-уох киириэҕэ, туох эмэ хамсаныылаах дьыаланан — холобур, биир эмэ спорт көрүҥүнэн эбэтэр уһун дистанцияҕа хаамыынан — дьарыктанарыҥ ордук. Киэһэни чугас дьоҥҥунуун истиҥник атаар.

♉ Оҕус.

Өрдөөҕүттэн күүппүт сонуҥҥун истэн үөрүөҥ, былааннаргын олоххо киллэрэр кыах үөскүө. Доруобуйаҕар болҕомтолоох буол, тугуҥ эмэ ыарыйдаҕына тута бырааска көрдөр.

♊ Игирэлэр.

Атыттар кыһалҕаларын быһаарарга күҥҥүн- дьылгын барыах курдуккун. Быһаарсыылаах кэпсэтиилэргэ уонна мөккүөргэ- иирсээҥҥэ кыттыһыма. Арыый туттуна соҕус сылдьарыҥ ордук.

♋ Араак.

Туох эмэ уустук балаһыанньа үөскээтэҕинэ ыксаама, арыый уоскуйан, тымныы өйгүнэн толкуйдаа. Дьиэ кэргэниҥ дьонугар, күннээҕи кыһалҕаларыгар болҕойуоххун наада.

♌ Хахай.

Эйигин атыттар ойуччу тутан бэлиэтиэхтэрэ уонна сыаналыахтара. Кэлэктиип иһигэр элбэҕи кириитикэлииртэн туттун. Хата, киэһэтин инники былааннаргын толкуйдаа, торумнаа.

♍ Кыыс Куо.

Бүгүҥҥү күн уопсай тылы буларга, араас кэпсэтиилэри ыытарга бэртээхэй буолсу. Тус олоххор ис таайан көрөр дьоҕургун истэ үөрэн. Оччоҕо сыыһа - халты дьаһаныыҥ тохтуо. Уу- нуурал олох сатыылыа.

♎ Ыйааһын.

Күнүҥ соһуччу уларыйыыларынан уонна сонуннарынан баай буолуох курдук. Үп-харчы боппуруоһун быһаараргар арыый сэрэхтээх буол. Этэргэ дылы, сэттэтэ кээмэйдээн баран, дьэ биирдэ быс.

♏ Скорпион.

Айанныырга, саҥа билсиилэргэ уонна уопут ыларга табыгастаах күн. Куруук дьон болҕомтотун киинигэр сылдьартан сылайбыт буоллаххына, бүөмнээн сынньана түс, күүстэ ылын. ♐ Охчут.

Үлэҕэр уонна инникигин былаанныыргар ураты болҕомтоҕун уур. Күүскүн бытархай дьыалаларга ыстаххына, туһата, көдьүүһэ дуона суох буолуо. Ол кэриэтэ биир сүрүннэрин талан, үлэлэс.

♑ Чубуку.

Өрдөөҕүттэн мунньуллубут дьиэтээҕи, күннээҕи боппуруостары быһаарарга табыгастаах күн. Киэһэ чугас дьонуҥ көрсүһэргэ ыҥырдахтарына, батымматыҥ ордук. Наадалааҕы истиэҥ, билиэҥ.

♒ Күрүлгэн.

Сылайбыт буоллаххына, бэйэҕин харыстаа, холкутуйан, уоскуйа түс. Айар үлэнэн дьарыктаныы, бэйэҥ сөбүлүүр дьыалаҕар ылсыы, айылҕалыын алтыһыы уопсай туруккун биллэ тупсарыа.

♓ Балыктар.

Бүгүн туох барыта чуолкай, дьэҥкэ буоларын курдук, суоттаан-учуоттаан, практичнайдык дьаһанарыҥ туһалыа. Кумааҕыны, дьыаланы, үлэҥ сирин бэрээдэктээ, ол саҥа кыаҕы эбиэ. Кыҥкыйдаан, дьону сылатыма.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.