Сулустар кэпсииллэр: Тохсунньу 29 күнэ, чэппиэр
Бараан
Бу күн былаанныырга, саҥа сыаллары туруорунарга уонна туох эрэ долгутуулаах дьыаланы саҕалыырга табыгастаах. Бэйэҥ уопуккар уонна урукку ситиһиилэргэр олоҕуран, тус эйгэҕэр элбэҕи кыайыаҥ. Ыйынан араарыллыбыт чуолкай былаан соруккун чэпчэтиэ. Доҕотторгун кытта көрсүһүү настарыанньаҕын көтөҕүө.
Оҕусчаан
Былааннаргын сиһилии, кыра чаастарга арааран, хас биирдиилэрин тус-туспа толорор улахан суолталаах. Ити курдук, уустук да сорудаҕы түргэнник уонна ситиһиилээхтик толорор кыахтаныаҥ. Күнүҥ тэрээһиннээх, таһаарыылаах буолара күүтүллэр.
Игирэлэр
Улахан уонна уустук бырайыактары көһөрөрүҥ ордук. Бүтэн биэрбэт үлэҕин эбэтэр дьиэ кэргэн боппуруостарын быһаарарга табыгастаах күн. Бу эйиэхэ өйгүн-санааҕын ыраастыырга, инники соруктары толкуйдуурга уонна былаанныырга көмөлөһүөҕэ. Күҥҥүн чуумпутук атаар, киэһэтин дуоһуйа сынньан.
Араак
Бүгүн суолталаах кэпсэтиилэри былаанныыртан эбэтэр уустук бырайыактары саҕалыыртан туттунарыҥ ордук. Ол оннугар, саҕаламмыт дьыалалары быһаар, чуолкай былаанна оҥоһун уонна сыалгар кыралаан баран ис. Кэпсэтиилэри болҕомтолоохтук иһит, улахан суолталаах иһитиннэриини мүччү тутума — туһалаах буолуоҕа.
Хахай
Сөбүлээбэт соруктаргын толоруоҥ уонна ыарахан боппуруостары быһаарыаҥ. Былааннарыҥ балаһыанньаттан тутулуктанан уларыйар, онон улахан суолталаах көрсүһүүлэргэ эбэтэр тэрээһиннэргэ сылдьыбатыҥ ордук. Киэһэҕин дьиэ кэргэҥҥин кытта атаар, бииргэ астааҥ уонна астына, дуоһуйа кэпсэтиҥ.
Кыыс Куо
Төһө кыалларынан, уустук үлэттэн эбэтэр салайааччыҥ биэрэр эбии эбээһинэстэриттэн аккаастан. Билигин өйөбүлгэ уонна көрүүгэ-истиигэ наадыйаҕын. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун уур уонна кинилэри көҕүлүүр үтүө тылы эт. Чуумпу киэһэ уоскуйууну, үчүгэй настарыанньаны аҕалыаҕа.
Ыйааһыннар
Туох буола турарыттан ыраатыма, барытын хонтуруоллуу сырыт, итинник ньыманан балаһыанньаны бэйэҥ тускар салайар кыахтаныаҥ. Бу уларыйыыга табыгастаах кэм буолбатах, онон сулустар үгэс буолбут ньымаларгын тутус уонна үлэҕэр холкутук сырыт диэн сүбэлииллэр.
Ооҕуй
Күн саҕалаабыт дьыалаҕын ситэрэргэ, түмүктэри таһаарарга табыгастаах. Ыра санааҕар куустаран үлэҕин хойутатыаххын сөп. Тугу толоруохха наадатын туһунан сөптөөх ньыманы тутус уонна дьыалаҕын ыһыктыма. Киэһээҥҥи дьарык күүскүн-уоххун төнүннэриэ.
Охчут
Соҕотохсуйума. Бүгүн дьону кытта алтыһарга, саҥа сибээһи олохтуурга уонна биир санаалаах дьону буларга бэртээхэй күн. Туох эрэ улахан суолталаах былааннаах буоллаххына, онтугун арааран көрөрүҥ ордук. Бу түргэнник олоххо киллэрэргэ уонна балаһыанньаҕа суһаллык эппиэттииргэ көмөлөһүөҕэ.
Чубуку
Бүгүн аһара үлэлээҥҥин, ыалдьыаххын уонна сылайыаххын сөп. Эниэргийэҥ таһыма намыһах буоллаҕына, былааннаргын уларытаргар уонна улахан суолталаах көрсүһүүлэри атын кэмҥэ ыытаргар күһэллиэҥ. Кыраҕа да болҕомтоҕун уур, кинилэр билигин суолталаахтар. Тус олоххор баар боппуруостары толкуйдуур эмиэ туһалаах.
Күрүлгэн
Үчүгэй балаһыанньаны туһанар кыахтары көрөргө хараххын арый. Сорохтор сыалларыгар чугаһыырга уонна туһаны ыларга көмөлөһүөхтэрэ. Бүгүн билбэт дьоҥҥун кытта былааннаргын ырытыма, сорохтор эн интэриэһинэй санааларгын уоруохтарын сөп.
Балыктар
Ситиһиилэргин, үөрүүлээх түгэннэргин чугас дьоҥҥун эрэ кытта үллэһин. Ымсыырааччылар эбэтэр куһаҕаны баҕарааччылар эн настарыанньаҕын алдьатыахтарын эбэтэр тус бэйэлэрин сыалларыгар туһаныахтарын сөп. Саҥа дьыала сыыһалартан уонна мэһэйдэртэн саҕаланыа, онон уустук үлэҕэ бэлэм буол.