Сулустар бүгүҥҥү күҥҥэ сүбэлэрэ
Сулустар эһигиттэн чугас дьоҥҥутугар кыһамньыны уонна ис санааны кытта үлэлэһэри ирдииллэр.
Бу күн Ый Кыыс Куо бэлиэтигэр турар буолан, туохха барытыгар болҕомтолоох, чуолкай уонна сэрэхтээх буоларбыт наада.
Ооҕуй бэлиэтигэр баар ретрограднай Венера сыһыаннаһыыга былыр үйэтээҕи өһүргэниилэри, хом санааны хаттаан күөртүөн сөп. Дьэ, ол иһин бэйэни туттунуу наада.
Бүгүн бары да улахан сууманы туттары уонна саҥа үлэҕэ ылсары тохтото түһэрбит ордук.
♈Хой
Олоххо көхтөөх буолуу күүһүрбүтүн да иһин, чугас дьону кытта кыра өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Эмоцияҕын кыайа тут, харчыны мээнэ ыскайдаама.
♌Хахай
Марс планета эйиэхэ күүһү-уоҕу уонна эрчими эбэр. Үлэҕэ ситиһиилэниэҥ, ол эрээри куолулаан дьону сылатыма. Тапталга күнүү күөнтээн тахсыан сөп.
♐ Охчут
Оптимизм уонна үтүө санаа эйигин арыаллыыр. Бу күн бэйэҥ эрэ тускунан толкуйдаабакка, чугас дьоҥҥо көмөлөһөрүҥ туһалаах буолуоҕа. Саҥа былааннары торумнаа, ол эрээри олоххо киллэрэргэ тиэтэйимэ.
♉ Оҕус
Санааҥ уларыйа сылдьар, арыт соҕотох буола түһүөххүн, ардыгар дьон ортотугар, болҕомто киинигэр буолуоххун саныыгын. Эрдэ үөскээбит өйдөспөт түгэннэри эйэ дэмнээхтик быһаарсарга табыгастаах күн.
♍Кыыс Куо
Ый эйиэхэ баар буолан, бэйэни хонтуруолланыыҥ, тулуурдаах буолууҥ күүһүрбүт. Чугас дьоҥҥун кыра аайы кэриэтиир, кириитикэлиир наадата суох. Кинилэргэ төттөрүтүн сылаас сыһыан наада.
♑Чубуку
Инники былааннарыҥ дьэҥкэрэн, чопчуланан иһиэхтэрэ. Ити гынан баран, сылайыы туруга биллиэн сөп. Ханнык баҕарар дьыалаҕа тиэтэйбэккэ, сэрэхтээхтик сыһыаннас.
♊Игирэлэр
Өй-толкуй күүскэ үлэлиир да, ис туругуҥ олус судургута суох. Күлүү-оонньуу уонна юмор көмөтүнэн ханнык да уустук сыһыаны сымнатыахха сөп. Ону туһан. Онуоха-маныаха диэри саҥа дьыаланы саҕалаама, бастаан бу иннинээҕилэргин бүтэр.
♎Ыйааһын
Ис турук уоскулаҥын айар үлэ уонна хобби көмөтүнэн булуоҥ. Бүтүн хамаанданан, дьону кытта бииргэ үлэлиириҥ ордук. Харчыгын туттаргар уонна докуомуну кытта үлэлииргэр болҕомтолоох, сэрэхтээх буол.
♒ Күрүлгэн
Уларытыылары киллэриэххин баҕараҕын, ол эрээри бастаан урукку иэстэри уонна ситэриллибэтэх дьыалалары бүтэрэриҥ эрэйиллэр. Үлэҕэр салайааччылары кытта мөккүһүмэ, туттун.
♋Араак
Бүгүн олус уйан буолуоҥ, ис туруккун харыстаа. Дьыалабыай кэпсэтиилэр тахсыахтарын сөп, улаханнык долгуйума. Үлэҕэ уонна дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр бэрээдэги олохтуоҥ этэ.
♏ Ооҕуй
Венера планета эйиэхэ баар буолан, эмоцияҥ күүскэ хамсыыр. Ааспыт кэмнээҕи хом санааны умнарга уонна сыһыаны тупсарарга үчүгэй күн. Иэскэ кииримэ.
♓ Балык
Олоххо соһуччу уларыйыы уонна уруккуга эргиллэн ылыы тахсыан сөп. Иэйиигин уонна ис таайан көрөр дьоҕургун истэриҥ — үгүс сыыһаттан быыһыаҕа.