25.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 195

Сулусчут сүбэтин туһан.

Алтынньы 25 күнүнээҕи гороскоп.
Сулусчут сүбэтин туһан.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уопсай сүбэ: Бу күн холкутук сынньанарга, дьиэни-уоту бэрээдэктииргэ уонна саҥа нэдиэлэ иннинэ күүһү-уоҕу мунньунарга табыгастаах. Ыксаамаҥ уонна туолката суохха харчыны бараамаҥ.

♈ Хой.

Наллаан сынньанарга уонна дьаарбайарга бэртээхэй күн. Күүскүн-уоххун чөлүгэр түһэринэриҥ ордук. Барытын биир кэмҥэ ситиһэ сатаама.

♉ Оҕус.

Дьиэҕэр сылаас эйгэни тэрийэргэ уонна бэйэҕитин көрүнэргэ бириэмэтэ анаа. Айдааннаах, элбэх дьонноох сиртэн тэйиччи сырыт. Санааҕын сааһылан.

♊ Игирэлэр.

Күүтүллүбэтэх ыҥырыы уонна интэриэһинэй кэпсэтии тахсыан сөп. Төлөмүөнү кыҥаан олорума. Салгыҥҥа сылдьан, сэргэхсий. Төрөппүттэргиниин кэпсэт.

♋ Араак.

Бу күн санаа сылаанньыйыытын уонна уоскулаҥы бэлэхтиэ. Дьиэҕитигэр чугас дьоҥҥутун кытта атаарыҥ. Атын дьон кыһалҕатын санныгар сүгэ сатаама.

♌ Хахай.

Култуурунай сынньалаҥҥа эбэтэр көрсүһүүгэ бэртээхэй кэм. Саҕалаан баран ситэрбэккэ сылдьар дьарыккын түмүктүөҥ этэ. Харчыны бу күн иэстээбэт, иэстэспэт да ордук.

♍ Кыыс Куо.

Өрөбүл күнү дьаарбайыыга уонна үлэ нэдиэлэтин кэнниттэн өйү-санааны сынньатарга туһан. Сөбүлүүр дьарыккар, айар үлэҕэ болҕой.

♎ Ыйааһын.

Көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт киһиҥ күөрэйиэн сөп эбэтэр кини туһунан туох эрэ сонуну истиэҥ. Докумуоннаргын, үлэлиир остуолгун хомун. Оҕоҕор эбэтэр балыс киһигэр эрэннэрбиккин толоруоҥ этэ.

♏Скорпион.

Тугу эрэ ончу умна сылдьаҕын. Толкуйдаа уонна олоххо киллэрэргэ кыһан. Өрөбүлгэ дьон сынньанар. Дьону да эрэйдээмэ, бэйэҥ да тыын ылан, сынньана түс.

♐ Охчут.

Күүтүллүбэтэх ыалдьыт, төлөпүөнүнэн эрийии ( звонок) кэлиэн сөп. Туох эрэ былааныҥ аһылыннаҕына, айманыма. Ити — үчүгэйгэ эрэ буолар кыахтаах. Үлэни атыттарга сэлээннээмэ.

♑ Чубуку.

Ааспыты ырытарга, хантан эбии үп- харчы киллэриэххэ сөбүн толкуйдуурга бэртээхэй күн. Саҕалаабыт дьыалаҕын ситэрэр тоҕооһу мүлчү тутума.

♒ Күрүлгэн.

Дьиэҕин- уоккун чөкөтө түс. Олус сылаалаах үлэни тохтото түс. Олох бэйэтин хаамыытынан салҕаныа. Кытаатан сынньан, айылҕаҕа тахсан, хаама түһүү туһалаах буолуо.

♓Балыктар.

Бу күн эйиэхэ ис уоскулаҥы аҕалыа. Бэйэҥ ис таайан, сэрэйэн көрөр сатабылгын истэ сатаа. Сөптөөх санааҕа, быһаарыыга тиэрдиэ. Сөбүлүүр дьарыккар ылыс, астына сынньан.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.