Сулусчут сүбэтин билсиэҕиҥ
Хой.
Бүгүн сөбүгэр киириилээх-тахсыылаах, балачча сүпсүлгэннээх эрээри, бэрт ситиһиилээх күн буолсу. Санаа, толкуй илимигэр бутуллубакка, астына утуйар ордугун өссө төгүл санаталлар. Кыһалҕа баар да буоллаҕына, эн саныыргыттан-санаабаккыттан сүтэн хаалбатын өйдөө. .
Оҕус.
Элбэҕи эрэннэрэр, бэртээхэй күн. Сөптөөх быһаарыныыны ылар кыаҕыҥ биллэ улааппыт. Салгыҥҥа төһө кыалларынан элбэхтик сырыт. Эт-сиин эрчиллиилэрин оҥороруҥ туһалыа. Бэлэх атыылаһарга, сюрприз оҥорорго тоҕоостоох күн.
Игирэлэр.
Туох эмэ таҥас-сап ылынардаах, дьиэҕэ-уокка туттуллар интерьер сээкэйин ыларга суоттанар буоллаххына, бу оптуорунньугу туттумахтас. Удамыр сыаналаахха түбэһиэҥ биитэр онтуҥ быдан уһуннук сулууспалыа. Провокацияттан сэрэн.
Араак.
Айар-тутар баҕа киирииһи. Ону аһарына сатаабатыҥ ордук. Ол эйиэхэ дууһа сылаанньыйыытын, уоскулаҥы биэриэ. Докумуоннаргын бэрийбэтэҕиҥ ырааппыт буоллаҕына, чөкөтө түс.
Хахай.
Ис кыаххын, талааҥҥын саба туппакка, киэҥ эйгэҕэ биллэрэр туһунан санаа. Кыһалҕа көһүннэҕинэ да, ол бэйэҕиттэн сылтаан буолуон сөп. Үлүбээй тылласпат гына, туттуна түс.
Кыыс Куо.
Бэйэ-бэйэни өйдөспөт, сыыһа-халты ылыныы баар эбит буоллаҕына, ол оннук кэм ааста. Холкутук биир тылы булуоҥ, онон хаттаан кэпсэтэн көр. Настарыанньаҥ күҥҥэ сэттэтэ уларыйыыһы.
Ыйааһын.
Бүгүн ылынар быһаарыныыҥ сөптөөх уонна кэмигэр буолсу. Судургута суох күн. Былаан туолумуон сөп. Дьиэтээҕилэргин кытта кыра өйдөспөт буолуу тахсыбатын курдук дьаһан.
Скорпион.
Бэлэми күүппэккэ бастакынан ылыс. Эмоцияҥ таһынан бычыахтыан сөп. Дьон хобугар-сибигэр эрэнимэ. Ол кэриэтэ ис таайан көрөр дьоҕургар эрэн. Көрсүһүү, сибидээнньэ табыллар күнэ.
Охчут.
Ыһыытыы-хаһыытыы сылдьардааҕар, чуумпутук, аргыый-наллаан сылдьан оҥороргун оҥор, сүбэлииргин сүбэлээ. Иирсээҥҥэ кииримэ, бэйэҥ да күөртээмэ. Иэс ылыма.
Чубуку.
Уһун кэми хабар былааннары ыларга табыгастаах күн. Үлэҕэр таһымҥын, эппиэтинэскин таба көрөр күннэрэ. Быһаарыныылаах дьаһаллары бүгүн ылынаргар сүбэлииллэр.
Күрүлгэн
Уһуну-киэҥи олус толкуйдууртан, барыттан бары сэрэнэргин тохтотон, бүгүн күннээҕинэн олорон көр. Атыы-тутуу чааһа табыллар күнэ. Сонун билсиһии күүтэр.
Балыктар.
Бүгүҥҥү күн кэнниттэн дьиэҕэр тиийэн, холкутук сынньан. Сөбүлүүр дьарыккынан саатаа. Чугас киһиҥ туһугар кыратык долгуйан ылыы баар курдук. Тапталлааххын, дьоҥҥун кытта иирсибэт буола сатаа.