Сулусчут сүбэтин билсиэҕиҥ
Хой.
Дьону кытта алтыһыыга атыттар санааларын эмиэ учуоттуур наадатын умнума. Биир санаалаахтаргын кытта булса сатаа. Төһө да, баҕар, былаастаах буолларгын, сиэри таһынан хамаандалыыртан, дьаһайартан туттунарыҥ ордук.
Оҕус.
Тулуурдаах буол, киэҥ көхсүлэн, үгэс буолбут күннээҕи түбүгүнэн олус үлүһүйүмэ. Бэрт сэргэх билсиһии баар буолуох курдук, кэлин бу күнү сылаанньыйа ахтыаҥ.
Игирэлэр.
Бүгүн сөбүгэр долгуйан ылыылаах күн буолуох курдук. Ол эрээри бэйэ күүһүгэр, кыаҕар эрэнэр куолу. Тимир көлөлөөх дьоҥҥо ситиһиилээх күн. Салгыҥҥа тахсан хаама түс. Арыгыга чугаһаама.
Араак.
Сурук-бичик үлэтэ, айымньылаах үлэ табыллар күнэ. Умнулла быһыытыйбыт сибээскин сөргүтэр баҕа күөрэйиэн сөп. Дьиэ кэргэн, дьиэ-уот боппуруоһун быһаарсарга сөптөөх кэм. Ис таайан көрөр дьоҕургун иһит.
Хахай.
Тус олоххор сыһыаннаахха тулуур, дьулуур ирдэниэ. Дьиэтээҕилэргин оруо-маһы ортотунан дьаһайан, соруйан барбатаргын, барыта табыллыа, сатаныа. Үпкүн туһата суохха ыытартан туттун. Кэлэрг күннэргин былааннаа.
Кыыс Куо.
Үп-харчы өттүн өйдөөхтүк толкуйдаан, сыымайдаан баран, туһан. Киэһэтин чуумпуран, бүөмнээн сынньана сатаа. Кинигэтэ аах, киинэтэ көр. Сөбүлүүр хоббигынан саатаа. Кинигэ ааҕар эбэтэр киинэ көрөр ордук буолуоҕа..
Ыйааһыннар.
Сүрэҕиҥ, ис санааҥ тугу этэрин, баҕарарын иһит, онон сирдэтэн дьаһан. Оччотугар эрэ кэлин кэмсиниэҥ суоҕа. Сүрэҕиҥ аҥаарыгар болҕой, кинини үөрдэ сатаа. Урукку алҕастары көннөрөр кыах бэриллэрин туттумахтас.
Скорпион.
Бу кэм урут истэ иликкитин иһитиннэриэн, билбэтэххитин биллэриэн сөп. Онтугут хайаҕытыгар эрэ иччилээх түүл быһыытынан киириэҕэ. Болҕомтолоох буол. Уоскулаҥы биэрэр муусуката иһит, массааска суруйтар.
Охчут.
Сонун бырайыагы былаанныырга, көрсүһүүлэргэ сылдьарга уонна харчы, дохуот эбиллэрин туһугар саҥа дьарыкка ылсарга олус табыгастаах күн. Тулалыыр дьон эн санааҕын өйөөн үөрдэллэрэ элбэх буолуоҕа.
Чубуку.
Толкуйтан, былаантан дьиҥ дьыалаҕа ылсарга уолдьаста. Үлэҕэ-хамнаска ол ситиһиилэри аҕалыа, дьон өйөбүлүн ылыа. Толкуйдана илик буоллаххына, бүгүн мэйиигин кытаатан үлэлэт. Сүүрүк хоту үлүбээй устар тэҥэ буолума.
Күрүлгэн.
Бүгүн үлэҥ күнэ буоллаҕына, салайааччыҥ туһаҕын-көдьүүскүн билинэр түгэнэ тосхойуо. Интэриэһинэй көрсүһүү да баар курдук. Доруобуйаҕар болҕой, ыксыы-саарайа сылдьыма. Дьиэтээҕилэргин кытта иһирэхтик сэһэргэс. Өр кэпсэппэтэх аймахтаргыныын сибээстэһэ сырыт.
Балыктар.
Айар үлэҕэ, муусука эйгэтигэр уонна айылҕаны кэтээн көрүүгэ ананыахтаах күн үүннэ. Киэһэтин сылайыы-сындалыйыы тутан, мөлтөөбөт-ахсаабат гына, күҥҥүн сынньалаҥнык атаарарга кыһан. Күүс, кыах ирдэнэр үлэтигэр ылса сатаама.